Page 211 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 211
У й б а а н (олорор.) Суох, тугу даа истибэтим, таҥара кө
мөтүнэн этэҥҥэ олороохтуубун. Тукаам, Мэхээлэ, мин били
мааҥҥы кэпсэппиппитин сүбэлэһэ кэллим ээ. Быыпсай оҕонь-
ньорго сырыттым, оҕоньньор бэркэ сөбүлүүр, уолбуттан киһи
быһыылаах тахсыбата, онон киһи, оҕо оҥостон баайбын сиэ
тиэм этэ диир. Быһатын эттэххэ, бэркэ сөбүлүүр, баҕарар
эбит, сатаныах курдук буоллар, тиксэртээн көр диир.
М э х э э л э (тохтуу түһэн баран). Буоларын буоллаҕа да,
хайа кини улахан халыымы-сулууну көрдүүр оҕоньньор буолуо
ээ, ону мин кыайан булбат киһибин.
У й б а а н. Ээ, соччо туох элбэх халыымын көрдүөтэҕэй,
хата, оҕоньньор оччо санаата кэлэн эппитин кэннэ, түргэнник
илии охсуһан кэбиһиэххэ.
М э х э э л э. Оннук буолуо да, хайтах кураанах айахпы-
тынан баран көрдүөхпүтүй, туохтаах-эмэлээх киһи сатанар
суола буолбат этэ дуо?
У й б а а н. Онуоха санаарҕаама, арыгы эҥин миэхэ баар,
ону ылан иэс туттуоҥ буоллаҕа дии. Хата, сарсыарда эрдэ
туран кэлиэм, таҥараттан көрдөһөн, мантан аттаныахпыт. Сөп
дуо, тукаам? Манна диэн эттэххэ, оҕоньньор кыыһын сааһа
ситэ илик, онон халыымын билигин биирдэ көрдүө суоҕа,
онон-манан аралдьытыма, хата, сөбүлэн, сөп дуо?
М э х э э л э. Чэ, буоллун, кэлээр.
У й б а а н. Оҕом ити ээ. (Илиитин тутар.) Мин, кырдьаҕас
киһи, эһиги эрэ иннигитигэр сылдьаахтыыбын, эһиги эрэ үчү-
гэй буолуҥ, миэхэ онтон ордук туох да наадата суох… Чэ,
бырастыы, билигин Быыпсай оҕоньньору баран үөрдэ охсуум.
(Баран иһэн.) Тукаам, сарсыарда эрдэ кэлиэм, ыраах сир, сөп
дуо? (Тахсар.)
М э х э э л э (өр соҕус саҥата суох олорон баран). Чэ,
буолл аҕа! Аны аҕыйах хонон баран, кэргэннээх, дьиэлээх киһи
буолуом буоллаҕа. (Тохтуур.) Киһи оҕо санаалаах эрдэҕинэ
ону-маны оҥоруох курдук буолар эбит, онтон олох кыһалҕатын
билэн, дьон быһыытын-майгытын көрөн бардахха, олох сиэрэ,
быһыы-майгы этиитэ атын эбит. Кырдьык, билиҥҥи бириэмэ-
ҕэ бу дойду олоҕор үчүгэй баайга тиийэр суол эбит. Баай
барыта наадалаах суол, ол да иһин баай баҕатыгар дьон ол-
бу буолаллар эбит буоллаҕа. Атын киһи наадатын бэйэ наа
датыттан ордорор сөбө суох буолсу. «Киһиэхэ эрэ бэйэтин
ырбаахыта этиттэн чугас» диэн нуучча өһүн хоһооно кырдьык
эбит… Бастаан бэйэ туһун үчүгэйдик оҥостуохха сөп. Биһиэхэ
сахаҕа нууччалыы ол-бу санаа суох, таптал да мөлтөх, холо-
бур, мин билигин ойох ылыам диир кыыспын үчүгэйдик көрө
211