Page 209 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 209

туур.) Холобур, хайтах бурдугу ыһары, оту оттууру, сүөһүнү
иитэри көрдөрбүт киһи, син ону үтүктэн иһиэ этилэр. Бу кыра
саха атаҕастанан, баттанан олороро тоҕо сүрдээҕэй! Санаан
көрдөххө, кинилэр туох булбуттарын сыыһа бара турар, ол
иньньэ диэн тугу даа оҥорботтор. (Тохтуур.) Суох, мин ол-бу
ньуучча сулууспатыгар киириэм суоҕа, соҕоруу барбатарбын
эрэ, бэйэм улууспар тахсан олоруом, саатар оҕо үөрэтиэм.
Ол эрээри, ситэ үөрэнэ барбатым  — кыһыы, доҕоор. (Баран
олорон кинигэ ааҕар.) Бу дойдуга туохтан даа күүстээх баар —
баай. Баай киһи барыны бары кыайар дииллэр ээ… М‑м, ол
баҕас алҕас буолуо ээ.

    Д ь а а к ы п (киирэн иһэн). Сээкэйи гыныам диэбитим  —
сиһим быстан хаалла, айыы-айа! Ким да кэлэ сылдьыбата дуу?
Били Ньукулай барахсаны хайдах эрэ дьүүллээтилэр, бука, си-
бииккэлээтэхтэрэ буолуо ээ.

    М э х э э л э. Ол төрөппүт аҕатын үбүн матайдаатаҕын аайы
тоҕо уктахтарай, доҕоор.

                                        ТӨРДҮС ТӨГҮЛЭ

                                  МАҤНАЙГЫ ООНЬНЬУУТА

                               Дьаакып оҕоньньор сайылыга. Сайын.
          Д ь а а к ы п о ҕ о н ь н ь о р улаханнык кыдьдьыбыт, тайахтаах,
        ороҥҥо олорор. Х о б о р о о с түүтэх бурдугу куоластыы олорор.

            Н ь у к у л а й М э х э э л э икки кэпсэтэ-кэпсэтэ киирэллэр.

    М э х э э л э. Эн этэриҥ курдук буолбатах.
    Н ь у к у л а й (улахан итирик). Ок-сиэ, мин эйиигин ити
курдук санаалаах буолуо диэбэт этим. Киһи даҕаны, кыһын
сайынынан уларыйарын кэриэтэ, уларыйар буолар эбит. До-
рообо, оҕоньньор, тугу билэн сытаҕын? Мин «дьоллоох», эмиэ
итирик кэллим. Төһө даҕаны атаҕастаабыттарын-баттаабытта-
рын иһин, син сыльдьабын, айахпар арыгы булан иһэбин, хаат-
тыбар хаччы булан ооньньуубун. Сөп дуо? Онтон ордук миэхэ
туох наада, оннук буолбат дуо, ээ. (Сиэбиттэн иһит арыгы
тобоҕун ылан остуолга уурар.) Билигин даа тобохтоохп­ ун. Дьэ
мантан кимиэхэ да бэссиэм суоҕа. (Арыгытыттан иһэр.) Хор,
мин бу дьиэни бэккэ таптыыр этим ээ. Бу эрэ дьиэҕэ мин
санаабар уобсар санаалаахтар бааллар диирим. Ол, быһыыта,
сымыйа эбит. Соҕотоҕун аппаҕа кыраммыт мин эбит буол-
лаҕым. Дьэ ол туох буолуой, — биир сымыыт ханна сытыйба-
таҕай, биир уол оҕо ханна өлбөтөй! Аан дойду акаарыта диэн
мин буоллаҕым, иньньэ диэхтэрэ, иньньэ диэххит даҕаны,

                                                                                                                                     209
   204   205   206   207   208   209   210   211   212   213   214