Page 207 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 207
доххуна, биһиги олохпутун, быһыыбытын дөссө билэн-көрөн
иһиэҥ.
М э х э э л э. Оттон ити киһи атаҕастабылы-баттабылы өй-
дүүр киһи буоллаҕа дии. Итинник атаҕастабыл-баттабыл биир
даа үөрэхтээх, кырдьыгы көрөр киһи суоҕуттан, бэйэлэрэ эрэ
муҥур ыраахтааҕы буолан олороллоруттан тахсар…
У й б а а н о ҕ о н ь н ь о р киирэр.
Д ь а а к ы п. Уйбаан оҕоньньор, кэпсиэ.
У й б а а н (илии тутуһуталаан баран). Солун суох, олоро-
бут. Муньньахха баран иһэн, бу оҕо тахсыбыт сураҕын истэн,
көрөөрү таарыйдым…
Быыпсай барахсан оҕотун дьүүллүүллэр үһү. Кэһэтэр гына
дьүүллүүллэрэ буоллар үчүгэй буолуо этэ. Оҕоньньор барах-
сан оҕом туһа дии-дии муҥнанаахтыыр буолара, онтукатыттан
киһи быһыылаах киһи тахсыбыта — айыы бөҕө сабар буоллаҕа
эбээт…
Д ь а а к ы п. Уйбаан, утаххар чэйдэ ис.
Уйбаан чэй иһэр. Мэхээлэ кинигэ ааҕар.
У й б а а н. Мин бэҕэһээ аҕабыыттаахха һырыттым. Билии
Өндүрэй оҕоньньор эмээхсинэ таҥаралаабыт, тээтэ онно ба-
ран кэллэ. Ити Быыпсай оҕотун истибит, — аньыы элбээн,
дьон бу курдук куруубай майгылаах буоллулар диир, аньыы
даа элбэҕиттэн таҥара маннык курааны ыытар, биир дээ
таҥараҕа үҥэр, кини диэкки саныыр киһи һуох буолла диир…
Д ь а а к ы п. Оо, барахсаны нии, дьэ ол оҕоньньор аҕабыы-
тыгар тугу биэрбит үһү? Хоольдьуга сиэбит үһү дуо?
У й б а а н. Биир кыра оҕуһу һиэбит үһү, атын харыстаатаҕа
буолуо. Аҕабыыт харчынан биэрбэтэ дии, биир эрэ оҕуһу биэ
риэх буолла, онуоха үс олоҕор эбиэньньиэ ыллатар эрэйим
дээ элбэх тахсар диир. Кэнники хаччынан эбиэх буолар үһү.
Атын биэриэ дии санаабытым биэрбэтэ дии олорор. Бэл,
итинник кыахтаах дьон өллөхтөрүнэ бэйэлэрин наадаларын
таҥараттан ордороллор, ол даа иһин таҥара тугу даа кө
мөлөспөт буолла диэн, тээтэ саҥара олороохтуур. Ол тээ-
тэ диэн даа диир, санаан көрдөххө, эрэйэ да элбэх тахсар.
Өндүрэй даа оҕоньньор, эмээхсиним таҥаратын суола диэн,
атын да биэрээхтиэ эбит, наай гыннар, биир мөһөөктөөх ат
ини. (Үөһэ тыынар.) Дьэ кырдьык даҕаны айыы бөҕө элбээтэ,
онтон даа үйэбит кылгаан истэҕэ эбээт…
М э х э э л э. Тыый, ол туох альдьахайай, хас киһи өллөҕүн
аайы оччолууну ылан истэҕинэ, аҕабыыппыт даҕаны бүтэрии
207