Page 203 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 203
Д о ҕ о р к и һ и киирэр.
Д о ҕ о р к и һ и (биир иһит арыгыны хооньньуттан ылан
биэрэр). Солкуобайга биир иһити нэһиилэ биэрдэ. Манан
бүтэр, аны кэлэ сыльдьымаҥ диир.
Н ь у к у л а й. Бүппэккэ, доҕоор! Кини арыгыта аны һааскы
Ньукуолуҥҥа диэри бүтэр үһүө! (Дьиэ иһинээҕи дьоҥҥо ба-
рыларыгар арыгы кутуталаан биэрэр.) Оҕоньньоор, мин ырыа-
бын өйдүөтүҥ дуо? Ыллаа даа, ыллаама даа, син биир миигин
ким дээ үчүгэй киһи диирэ биллибэт. Тугу даа гыныан булуму-
на өйүн-санаатын арыгыга сүүттэрэн сыльдьар эрэйдээх диэн
аһыныахтара һуоҕа. Оттон төрөппүт аҕам баайыттан чааспын
матайдаатаҕым дии. Оннук буолбат дуо, ээ?
Д ь а а к ы п. Ээ, тукаам, мин тугун билиэхпиний? Ол ата
ҕастабылы-баттабылы киһи эрэ өйдүүр, ол гынан баран, күүс
суох буоллаҕа эбээт. Аныгы үйэ, бэйэ-бэйэни тутуһан сиэһэр
үйэ, кэлэн турар. Ол курдук олох быһыыта олохсуйан хаалтын
биир-икки киһи көннөрөрө биллибэт. Бии, этэргэ дылы, үөрэх
тахсан, киһи бэйэтин аһыырын бэйэтэ үлэлээн булар үйэтэ
кэллэҕинэ, арай оччоҕо баттабыл мөлтүө этэ. Ол бэтэрээ өт-
түнэ бу быһыы-майгы уларыйара һуох.
Н ь у к у л а й. Сөпкө эттиҥ. Ол даа иһин таптыыбын ээ,
эһэм оҕоньньору. Ок-сиэ, оҕолоор, санаан-санаан көрдөххө,
сүрдээх суол! Маннык быһыыны-майгыны хаһан эрэ бары дьон
билэр, өйдүүр буолаллар. Чэ, кэбис! (Арыгытыттан куттан иһэн
баран, өр соҕус саҥата һуох остуолга бүк түһэн олорор.)
Ыт үрэр. Д ь ө г ү ө с с э мас көтөҕөн киирэр.
Д ь а а к ы п. Дьөгүөссэ, ыт тугу үрэр?
Д ь ө г ү ө с с э. Бу диэки биир аттаах киһи иһэр, быһыыта,
Быыпсай оҕоньньор.
Д ь а а к ы п (уоһун кытта). Үлүгэри нии, олорбуппут сыч-
чах! (Улаханнык.) Ньукулаай, Ньукулаай, оҕоньньор үһү, арыгы-
гын остоолтон ылан атын сиргэ уур уонна ити ороҥҥо баран
сыт, утуйбута буол, оҕоньньор киирэн бу курдук олороргун
көрдөҕүнэ кыыһырыа.
Ньукулай хорос гына түһэр, доҕор киһи хаҥас диэки баран саһар.
Н ь у к у л а й. Кэллэр кэллин, онуоха тоҕо куттаннаххытый?
Дьэ, хата, көрүөхпүт кэлэн тугу гыныталыыр эбит.
Бары ах бараллар. Б а й б а л, түргэнник тэлэкэчийэн киирэн,
дьиэ оттотугар турар, кыыһырбыт.
Б а й б а л. Дьаакып оҕоньньор, кырдьаҕас киһи буолан
бараҥҥын, мин уолбун мэльдьи хорҕотон олорон арыгыла-
203