Page 201 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 201
Н ь у к у л а й. Бар диэтим да, бар, аҕал. Биэрбэт буол-
лаҕына, миигин этэр диэр.
Д ь а а к ы п. Ээ, тукаам, туох буолуох баҕайытын ылла-
раҕын, бу даа сөп буолбат дуо?
Д о ҕ о р к и һ и тахсар.
Д о р о п у у н киирэн кэлэр.
Н ь у к у л а й. Тоҕо манна кэллиҥ?
Д о р о п у у н. Ээ, бэйэм, Кыылдьыттаах диэкиттэн иһэбин.
Д ь ө г ү ө с с э. Ол диэки туох кэпсиэххэ айылаах баарый?
Хайа, Кыылдьыт сассын үрэххэ от тиэйэ киирэр дуо?
Д о р о п у у н. Билбэтим. Туох да солун суох. Ыччыы-ычча,
дьэ халлааммыт тымныйбыт даҕаны! (Бэргэһэтин, үтүлүгүн
кыбыммытынан туран, уокка иттэр.)
Н ь у к у л а й. Манна тоҕо кэллиҥ диибин дии? Эн кэлби-
тиҥ биллэр. Хайа, мин аҕам ыыппыта буолуо. Чэ көр, бу ары-
гылыы олоробун, өссө арыгы ыллаттара ыыттым. Ону баран
хобулаа, тугу гына турдуҥ, хобулаа диибин дии! Киэр буол,
икки харахпар көстүмэ, хара ыт! (Туран бытыылканан охсоору
гынар.)
Д о р о п у у н мүччү ойон тахсар.
Д ь а а к ы п. Ити баҕас туох буруйдаах киһини мөхтөҥүй,
бар диэбиккэ кэллэҕэ дии.
Н ь у к у л а й (остуолга умса түһэн сытан). Оннугун оннук
да, абата бэт ээ. (Хабырынар.) Киһини киһиэхэ холуйбаттара,
атаҕастыыллара, баттыыллара, киһини үөн курдук саныыллара
бэт ээ.
Ньукулай өр соҕус умса түһэн сытар, Ким дээ саҥарбат, хотоҥҥо бурдук
тардар тыас иһиллэр.
Н ь у к у л а й. Били уолум тоҕо өр буолла? Оҕоньньоор,
хата, мин ыллыым эрэ, аҕал илиигин.
Д ь а а к ы п. Чэ, ыллаа эрэ, хата, дьэгдьийиэҥ.
Н ь у к у л а й (бастаан итирик куолаһынан, онтон көҥдүө
рүйэн, үчүгэйдик дьиэрэччи ыллыыр).
Дьиэ-буо!
Аан дайдыга айыллыахпыттан
Алтыаллаһан үөскээбит атаһым
Аҕата оҕоньньоор,
Туох инниттэн
Айан төрөппүт аҕаҥ тылын
Ааньньа ахтымына,
201