Page 205 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 205
ҕэр буолуохтары кыайыллара… Туох аньыыбар-харабар муҥу-
сору көрөн эрдэхпиний. (Тахсар.)
Н ь у к у л а й. Эрэйдээх оҕолор, тугу эрэ билэр буолан
ынайа сиэлэн эрэр буолла. Үтүө киһибин, үтүөнү оҥоро сыль-
дьабын диэхтиирэ буолуо ээ. (Күлэр.) Син кырбаабакка таҕыс
та ээ. Хата, тобохпун иһэбин. (Иһэр.) Ок-сиэ! Бу көмүс бэйэ-
лээҕим бүттэ ээ. Нохоо, нохоо, ханна баран хааллыҥ? Мэ, бу
хаччынан арыгыта була охсон аҕал.
ҮҺҮС ТӨГҮЛЭ
Сайын. Дьаакып оҕоньньор сайылык балаҕана.
Дьиэ иһигэр Д ь а а к ы п о ҕ о н ь н ь о р атырдьах маһын кыһа олорор.
Чөчүмчэ буолан баран Н ь у к у л а й киирэр.
Н ь у к у л а й. Кэпсиэ, хайа, Мэхээлэ кэллэ диэбиттэрэ —
ханнаный? Мин кинини көссүөм диэн кээттим ээ.
Д ь а а к ы п. Бэҕэһээ киэһээ кэлбитэ, утуйа һытар. Көссүөх-
тээх буолаххына, көһүтэ түс, сээкэйдэ кэпсиэ.
Н ь у к у л а й. Сорох дьоҥҥут ханна бааттарай?
Д ь а а к ы п. Олоруохтара дуо — үлэлии бааттара. Хайа
дьэ, тугу истэ-билэ сылдьаҕын?
Н ь у к у л а й. Тугу истиэмий, арай аҕам оҕоньньор үҥүүтү
нэн бүгүн кулуба кэлэр үһү. Онон мин дьүүллэнэр күнүм.
Хата, эн кэпсиэ, оҕоҥ хайтах сыльдьыбыт, туох солуннааҕый,
үөрэҕин бүтэрбит дуо?
Д ь а а к ы п. Бүтэрдим диир, бэйэтэ үчүгэйдик сыльдьыбыт
үһү.
М э х э э л э (мааны, ньууччалыы соҕус таҥастаах киирэн
Ньукулайы кытта илии тутуһан дорооболоһор). Кэпсиэ, тугу
иһиттиҥ, хайтах олороҕут?
Даайыс остоол тардан, чэй бэлэмниир.
Н ь у к у л а й (мичик гынан баран). Үчүгэй, эн кэпсиэ, туох
солун баарый?
М э х э э л э. Солун туох таа һуох.
Д ь а а к ы п. Чээ, оҕолоор, кэлиҥ, чэйдиэҕиҥ.
Бары остоолу тула олорон чэйдииллэр.
Н ь у к у л а й. Арай мин солунум диэн аҕам оҕоньньор мии
гин үҥэн нэһилиэги иирдэн эрэр, бүгүн дьүүллүүр күннэрэ.
М э х э э л э (соһуйбут курдук). Тыый, ол тоҕо оннук буол-
ла? Дьэ, эмиэ муода буолар эбиккит? Үҥэн эйигин хайатаары
гынар үһү?
Н ь у к у л а й. Арыгыһыт, хааттыһыт буолла диэн, ону то
205