Page 210 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 210

оннук буолбат дуо, үөлээннээх доҕорум Мэхээлэ? (Остоолго
умса сытан, обургу соҕустук ытыыр.)

    М э х э э л э. Мин эйиигин иньньэ дии иликпин. Атыттар
тугу дииллэрин билбэппин.

    Н ь у к у л а й. Мэхээлэ, өйдүүгүн дуо: биһиги Чараҥ алаас­
ка ооньньуу сыльдьан тугу кэпсэтэр этибит? Оччоҕо мин ити-
ригэ суох буолар этим буолбат дуо?

    М э х э э л э. Оттон ол оҕо сааска арааһынайы кэпсэтэр
ханна барыай, ону барытын толорон истэххэ хайтах сытаныай,
доҕоор.

    Н ь у к у л а й. Сөп, сөп, өйдөөтүм. (Арыгы иһэр.) Мин акаа-
ры эбиппин. (Арыгы иһэр.) Мин акаары эбиппин! Я  дурак да,
дурак! (Туох даа дьүүлэ-дьаабыта һуох итирик куолаһынан ыл-
лыыр.) «Быстры, как волны, дни нашей жизни, что час, то ко-
роче к  могиле наш путь… Умрёшь  — похоронят, как не  жил
на  свете, сгниёшь, не  восстанешь к  веселию друзей. Про-
ведёмте, друзья, эту ночь веселей». (Тохтуур.) «Последний
нынешний денёчек». Ол гэннэ билбэппин. Оо, билэр гынан
баран, ыллаабыт киһи даа! Ну  к  чорту… Итирбиппин ээ, ба-
даҕа, кэбис, үтүөтэ даа, куһаҕана даа һуох, мантан халбары­
йыыһыкпын. Манна мин курдук күөл акаары һуоҕа буолуо. (Ту-
ран оҕоньньорго барар.) Эһэм оҕоньньор барахсан, бырастыы!
(Илиититтэн тутан туран.) Ок-сиэ! Дьэ киһи бөҕө кырдьан буо­
райан, сор муоһуҥ соссуйан сытаахтаатаҕыҥ ээ. Эйиигиттэн
мин, Быыпсай оҕоньньортон ити Мэхээлэ төрүөбүтэ буоллар
сөп буолуо эбит ээ, бырастыы. (Тахсар.)

    М э х э э л э. Ити киһи иирээри гыммыт ээ, хата, сотору та­
ҕыста, манна өр буолан майаачылыа дии һанаабытым.

    Д ь а а к ы п. Биһиги кыайан сиилээбэт киһибит буолуо ээ,
доҕоор.

    М э х э э л э. Сиилээбэтэх даа иһин, алыс буолар буолбут.
    Д ь а а к ы п. Хобороос, бурдуккун киэҥ сиргэ таһырдьа
таһаар. Сытыахтааҕар мин тахсан күн уотугар сыламныы таа-
рыйа тоноһон көрүүм.

    Х о б о р о о с түүтэхтээх бурдугун тобоҕун таҥастары кыбынан тахсар,
                      ол кэнниттэн о ҕ о н ь н ь о р тайахтанан тахсар.

    У й б а а н (киирэн таҥараҕа үҥэн баран). Дорообо, Мэ­
хээл­ э. Дьиэҕэ соҕотохтуу бырахпыттар дуу? Хотуннааҕыҥ
буол­лар, билигин иккиэ олоруоххут этэ. (Күлэр, илии тутуһар.)
Оттон бу билигин суоч-чоҕотоҕун чоройон олороохтоотоҕуҥ.

    М э х э э л э. Олор, кэпсиэ, хайтах-туох олороҕун, эһиги
диэк­ и туох кэпсиэх баарый?

 210
   205   206   207   208   209   210   211   212   213   214   215