Page 212 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 212
иликпин. (Мичик гынар.) Чэ, ол туох буолуой, эдэр, акаарыта
эрэ суох буоллун, бэйэтэ үөрэнэн, дьаһалланан иһиэ буоллаҕа
дии. Биирдэ санаан көрдөххө, мин оҕоньньор эрэ санаатын
таптарбын, кырдьыга даҕаны, баайын ханна гыныай. Баайтан
олох тупсуохтаах. Ити дириҥник өйдөөбөт, чэпчэки санаалаах,
холобур, Ньукулай курдук дьон ол-бу буолаллар эбит. Итин-
никтэри киһиргэстэр диэххэ сөп. (Тохтуур.) Мин, бадаҕа, сөп
санааны булуннум ээ, баай киһи буоллахпына, ким да миигин
Дьадаҥы Дьаакып уола диэ суоҕа, хата, Мэхээлэ Дьаакыбыла-
быс диэн ааттыахтара… Баҕардар, дьон көрөн, кини үөрэхтээх
киһи буолан, баай кыыһын ыллаҕа диэн ымсыырдыннар. Үөрэ
ҕэ суоҕум буоллар, мин да син Дьөгүөссэ курдук ыал аайы
баар киһи буолуом этэ. Бииргэ үөрэммит доҕотторум, манна
бааллара эбитэ буоллар, миигин күлүү гыныахтара этэ. Кини-
лэр да син мин кэппин кэтэн иһиэхтэрэ. (Тохтуур.) Билиҥҥи
бириэмэтээҕи олох быһыытын билиэхтэрэ. Туоҕа да суох эрээ-
ри, икки илиини хармааҥҥа уктан баран, үөрэхтээҕимсийэн
өрө чолойо сылдьартан туһа тахсыа суох ээ…
Д ь а а к ы п (оргууй аҕайдык киирэр). Уйбаан оҕоньньор
кэллэ диэбиттэрэ, хайыы үйэҕэ баран хаалбыт эбит дуу, тоҕо
кэлэн барда?
М э х э э л э. Сээкэйи кэпсэтэ. (Аҕатын аттыгар чугаһыыр.)
Д ь а а к ы п. Ол кини киһи биһигини хайдах таба көрөн,
сээкэйи кэпсэттэҕэй?
М э х э э л э. Аҕаа! (Тохтуур.) Бу курдук сылдьар куһаҕан
буолсу, онон мин кэргэн ылаары гынабын.
Д ь а а к ы п. Үчүгэй суол буоллаҕа дии — хата, тыыннаахпар
эн дьиэлэммиккин көрөн хаалыам! Кими ылаары гынаҕын?
М э х э э л э. Быыпсай оҕоньньор кыыһын. Уйбаан оҕонь-
ньордуун сарсын илии охсуһа барабыт, ол чааһын сүбэлэһэ
кэлэн барда. Быыпсай бэйэтэ сөбүлүүр үһү.
Д ь а а к ы п (соһуйан олоро түһэр.) Быыпсай кыыһын даа?!
Аны мин Быыпсай түҥүрэ буоларым итэҕэс эбит ээ! Өлүмүнэ,
таҥара эҥин-эҥини көрдөрөн-иһитиннэрэн эрдэҕэ… Ол мии
гин тугу билиэ диэн эттэххиний, аны кэлэн мин мэһэйдиэм
дуо! Эдэр, үүнэн эрэр дьон, бэйэҕит көҥүлгүт буоллаҕа дии.
Ол эрээри мин Быыпсай оҕоньньору кытта сынаҕалаһар са-
наам суох, кини атаҕастаабыта-баттаабыта мин сүрэхпэр хара
харыанчыка буолан иҥэн сылдьар. Мин эрэйдээх бүгүн баар
бын, сарсын суохпун, аҥаара күрдьэх маһа, аҥаара таҥара
маһа диэн итинниги этэр эбит буоллахтара. Хоргутума, тукаам,
өлүөхпэр диэри Быыпсай оҕоньньортон өспүн өһүлүөм суо-
212