Page 215 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 215
Күндү доҕоттор, А. И. Софронов‑Алампа «Олох оонньуура» уонна
«Дьадаҥы Дьаакып» диэн олох бөлөсүөпүйэтин сиһилиир дыраама
ларын аахтыгыт. Айымньылар олох сүнньүн тутар сэһэннэрин, бөлө
сүөпүйэлэрин дириҥ санааларын, көрүүлэрин билсистигит. «Олох
оонньуурун» 9 кылааска сиһилии ырыппыккыт. Билигин хат лаппыйан
аахтыгыт, сонун санаалар, көрүүлэр үөскээбит буолуохтаахтар. Ди-
риҥ сэһэннээх, олох мындырын кэрэһилиир айымньылар хас аахтах
аайы саҥаттан саҥа санаалары арыйар, киһи толкуйун дириҥэтэр
уратылаахтар. Онон айымньылары ырытыы эһиэхэ, улааппыт дьоҥҥо,
киһи олоҕун суолтатын, дьоллоох олоххо тардыстыы суолл арын
ырытыһар, кэнэҕэскини, кэлэр кэми тускуланар кэмҥитигэр улахан
көмөлөөх, туһалаах буолуо. Олох олоруу күүһэ, сырдыга киһиттэн
бэйэтиттэн тутулуктааҕын, киһи ис туруга, майгыта-сигилитэ, дьа
йыылара — барыта кини сарсыҥҥытын оҥорорун токкоолооҥ. Бу
икки дырааманы тэҥнээн, түмэн ырытыыны ыытаргытыгар маннык
суолу тутуһуоххутун сөп.
Тылбытын байытабыт
Тылдьыттары туһанан, дьоҥҥутуттан ыйытылаһан тыллар, этии
лэр суолталарын, ис номохторун быһаарыҥ:
— сөрүө, дьааһык киэһэ, суха, кылы кырбаабыт курдук, дайыым
па, ородобуой;
— күлүктээх киһи, алтан болууска, ньирэй оҕо, үссэнэр, үүсээ
ҥи, көрүнньүк, ньулуун, дьууктанар, хаарыан;
— дүлүҥ, болтуо, кэмчиэрийбэккэ, остуруок, көбдьүөрүйэр,
дьүөг элэспит, айыы саҥнаах;
— тыала суохха мас хамсаабат, киґи тыла иІмит киґитэ киґи
буолбат, муІ маґы кэрийбэт, киһини кэрийэр.
Тыыннаах тыл
y Дьэкиим, Дьаакып уонна Уйбаан, Мэхээлэ олох суолтатын
туһунан өйдөбүллэрин тэҥнии тутан ырытан өйтөн суруйуута
оҥоруҥ. Үлэҕитигэр уобарастар бу тылларын болҕойуҥ: «Баа
йым буоллар, бу курдук ыкса тµµІІэ диэри µлэлээн муІнана
турар этиэм. Дьаґайан, міІін кэбиґэ-кэбиґэ, сытыам эбэтэр
талбыт сирбэр сылдьыам этэ… Байар наадатыгар киґи тугу
ба±арар оІоруон сіп»; «Биґиги ба±ас бµгµн эрэ испит тото-
ругар µірµіхпµтµн сіп»; «Бу дойдуга µіскээбит киґи туохх а да
хара±а туолбат»; «Баай киґини іліртін быыґыыра биллибэт»;
«Бии, этэргэ дылы, үөрэх тахсан, киһи бэйэтин аһыырын бэ
йэтэ үлэлээн булар үйэтэ кэллэҕинэ, арай оччоҕо баттабыл
215