Page 206 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 206
йотторунан буоттараары гынара буолуо. Ол эрээри, бука,
кинилэр буойууларын истибэт киһи һырыттаҕым буолуо ээ.
Оҕоньньоор, арыгылааххын дуо, бэҕэһээ арыгылаабытым —
баһым дэлби барда, ону абырахтаныам этэ.
Д ь а а к ы п. Суох, доҕор, ити киһи арыгы таһаарбатах.
Н ь у к у л а й. Иньньэ гынан, Мэхээлэ, манна букатын оло-
ро таҕыстыҥ дуу?
М э х э э л э. Ситэ биллибэт. Онон бүгүн дьүүллэнэр буол
лаҕыҥ?
Д э һ э э т и н ь н ь и к киирэр.
Н ь у к у л а й (уоһун иһигэр). Миигин тута кэллэҕэ буолуо.
Сүрдээх суол.
Д ь а а к ы п. Кэпсиэ, хайа диэкиттэн иһэҕин?
Д э һ э э т и н ь н ь и к. Суох, эһиги истибиккит? Мин ороду
буойтан иһэбин. Тойоттор ити Ньукулайы ыҥыттараллар.
Д ь а а к ы п. Муньньахха кимнээх баалларый? Кэл, чэйдэ
ис!
Д э һ э э т и н ь н ь и к. Кэбис, тиэтэйэбин, кулубалыын ба
ҕастыын бары бааллар. Сотору улахан муньньах буолар, сэ-
тээтэл дайыымпаны иэстии тахсар үһү. Онон, дьэ, атыыр
муньньах буолаары турар.
Н ь у к у л а й (күлэр). Ол миигин көмөлүүр дьон муньньу
һуннахтара буолуо. Кулуба тойон бөлүүн мин аҕабар хоммут
сурахтааҕа. Онон ууруум урут да ууруллан бүттэ ини. Чэ, эн
бара тур, мин соҕотоҕун даа тиийиэм. Куттаныма, ханна даа
күрүөм суоҕа, уоруйах уорбутум, ампаар альдьаппытым суоҕа
дии. Билигин даа холкубун, соччо олус куттаммакка олоробун.
Д э һ э э т и н ь н ь и к тахсар.
Д ь а а к ы п. Хайа, оҕоньньор көрдөһүннэрээри гыммыта
буолуо, туох буолуой, көрдөһөн кэбистэҕиҥ дии. Ханна ааһан-
арахсан бараары, атаҕастаммыты-баттаммыты син биир онон
төлөтөр биллибэт.
Н ь у к у л а й (күлэр.) Дьэ, тыыннаахпар көрдөспөт уол
буолуом ээ. Ол кэриэтэ хайтах таа гыннынар, хата, барыах-
ха. (Турар.) Хаайыыга барахпатахтарына, кэлиэм. Мэхээлэни
кытта кэпсэтэрим элбэх этэ. Ону хойут таа кэпсэтээ инибит,
бырастыыларыҥ. Аны сибииккэҕэ уган кэбиһиэхтэрэ. (Күлэ-
күлэ тахсар.)
Д ь а а к ы п. Дьэ, ити курдук дьаабылаһа олоробут. Ити
үчүгэй киһи тахсыах киһитэ буотту буолаары гынна, өссө олор-
206