Page 202 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 202
Аччыгый сааскыттан
Арыгыны кытта
Алтыалластыҥ диэтэргин, —
Аар тойон аҕам оҕоньньор
Аналлаах суолбунан
Атаарбатах абатыгар
Аан маҥнай
Арыгынан аралдьыйбытым.
Ол туох туһуттан
Аҕаҥ оҕоньньор
Айаҕаламмытай диэтэргин, —
Кыралары кыһайан,
Дьадаҥылары сабардаан,
Куччугуйдартан коһуоктаан,
Бырыһыанынан быһыталаан
Томтойо байбытын,
Торолуйа топпутун курдук,
Миигин оҥороору,
Дьон быһыытыгар баҕарбыппын
Тумнары туойбута,
Тобулу кыраабыта.
(…)
Ол эрээри,
Уол оҕо буоламмын,
Орто аан ийэ дойдубар
Ороһулаан төрүөммүн,
Ордук туттаммын,
Улаханнык сананаммын
Ороскуотура сылдьар
Уһун сордоох буоллаҕым даа, —
Хайтах гыныамый? —
Хааным оннук буоллаҕа.
Билигин бар дьоҥҥо
Мааным баранан,
Аны кэлэн
Аал уоту оттон,
Алаһа дьиэни тэрийэн
Аҕа баһын тосту олорорбуттан
Адьас аастым,
Ол эрээри…
Таһыдьдьа ыт үрэр. Ньукулай ырыатын ууратар.
Ээ, уолум эрэйдээх истэҕэ буолуо.
202