Page 239 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 239

А ± а б ы ы т. Ну, разве Герасим атыысыт харчы таґаарба-
та? Хайа, арыы атыыта сох дуо?

    Б ы р д а а х а п (ол-бу диэки кірін баран, аргыый а±ай).
Тээтэ, тугун эйигиттэн кистиэмий, мин моґуокка ылларан оло-
робун…

    А ± а б ы ы т (соґуйар). Но. Ол туох мосуок баар?! Тугу
кэпсиэ баар? Мин истиэхпин ба±арар.

    Б ы р д а а х а п (кистии-саба). Мин кыра харчылаахпын ку­
ґа±ан тыыІІа былдьаттым…

    А ± а б ы ы т (соґуйар). Что ты говоришь?! Не может быть…
Как это так? Кусаган тыын былдьаата, хайдах?

    Б ы р д а а х а п. Ол куттаммыт киэґэбэр харчыбын сиэп-
пэр укта сылдьыбытым. Онтукам тµґэн хаалбыт. Дьиэбэр кэ-
лэн, ійдінін, сиэппин хаґан кірбµтµм  — харчым мэлийбит.
О±о­лоох эмээхсиммин ыытан, кірдіті сатаан кэбистим да  —
булбатылар. Кір, оннук ньочоокко баран олоробун. Ону ити
эйиэхэ буолан кистээн, айыыбын этэрим кэриэтэ, кэпсиибин.

    А ± а б ы ы т (кµлэр). Ну, право, чудак-старик! Как это ты
деньги-то уронил? Ха-ха-ха! Здорово тебя кусаган тыын обо­
брал! (Атын сиргэ.) Так и надо тебе — дурак… Ха-ха-ха. Чудно
врёт старый пёс. Какого чёрта там кусаган тыын… Врёшь,
дядя, здорово врёшь! Ха-ха-ха. Эн сымыйа эттэ баар. Мин
итэ±эйбэт…

    Б ы р д а а х а п. Суох, баачыка, таІара баарына, кырдьык.
Ону эмиэ то±о сымыйанан кэпсиэм буолла±ай? Кырдьык, кыр­
дьык!

    А ± а б ы ы т. Пой, ласточка, пой! Какой дурак тебе пове-
рит? Знаю я  хорошо, кто ты такой… Ха-ха-ха… (Баґын быґа
илгистэ-илгистэ.) Сымыйа, сымыйа. Неправда… (Туран тіт-
тірµ-таары хаамыталыыр.)

    Б ы р д а а х а п. Тээтэ, таІара баарына, кырдьык. (Кириэс­
тэнэр.) Ол, таІара баарына, кырдьык. Инньэ гынан мин ал-
дьанан, санаам тµґэн олоробун. Эйигин, баачыка, аґынаарай
диэн, ити кэпсиибин.

    А ± а б ы ы т. Да, да, право, мне очень жаль тебя. Мин
асынабын улахан баар. Кусаган суол. (Санныттан таптайар.)
Мин молебен ыллаата да, кусаган тыын сох буолуо. Эн миигин
эрэн. О±онньоор, арыгы баар дуо? Мин истэ баар.

    Б ы р д а а х а п. Ээ, сибилигин а±алыахтара. Ыалга киґи
ыыппытым.

    А ± а б ы ы т. Ханна ыытта?
    Б ы р д а а х а п. Дьарааґын биир иґит арыгыны иэс биэр-
битэ. Ону билигин а±алыахтара.

                                                                                                                                     239
   234   235   236   237   238   239   240   241   242   243   244