Page 242 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 242
А л а а п п ы й а. Ол киммитий Куонаан атыыґыт диэн? Хайа
нэґилиэгий, хайа улууґуй?
Б ы р д а а х а п. Оттон, эмээхсиэн, Куонаан атыыґыты бил
бэккин дуо? Уйбаан о±онньор о±отун?
А л а а п п ы й а. Ээ, били Кµтэр уола Куонааскыны этэр
эбит дуу. Хата, мин хайа бэйэлээ±и, хайа омук атыыґытын
эттэ±эй дии санаатым.
Б ы р д а а х а п. Кµтэр уола диэн эмиэ туо±ай?! Ол Куо-
нааныІ куораттан атыыґыт буолан тахсыбыт ээ. Ону эн истэ
илик буолла±ыІ?
А л а а п п ы й а. Истэбин-истэбин. Бэркэ кінін тахсыбыт
диэтилэр.
Б ы р д а а х а п. Оннук ээ, оттон. Ити Сµлµгэс Сµідэр би-
лигин миэхэ кэпсээтэ ээ: Марыынаны кэпсэтээри, аІаар ары-
гыны ууран сытыарар диэн. Эмээхсиэн, дьэ, биґиги хайдах
гынабыт? Ба±арда±ына, этэргэ дылы, кэлэн ыйытыа.
А л а а п п ы й а. Мин ону тугун билиэхпиний? Мин санаа-
бар, кэлэн ыйытта±ына, кыыс сібµлµµр буолла±ына, биэрэргэ
сіп. Эн биґикки кыыспытын ааттаан ыраах улуустан ойох ыла
кэлэллэрэ биллибэт. Сороххо Кµтэр да Уйбаан уола ба±алаах
буолсу.
Б ы р д а а х а п (µірэр). Дьэ эмээхсиэн, эн саамай сіп-
кі эттиІ. Мин о±обун Куонаан кэлэн ыйытта±ына — сібµлээ-
ри олоробун. Онто да суох кірір-харайар киґи суох буолан,
биґиги иэдэйээри гынныбыт быґыылаах. Ол Куонаан о±о, а±а-
та дьадаІытын иґин, тірµт киґи тірµі±э. Эґэлэрэ бэрт баай
киґи сурахтаа±а. Ол баайа киниэхэ эргийээри гынна±а.
А л а а п п ы й а. Чэ, ону-маны ырыта, чаабыргыы олорума.
Кыыскын ойох биэрэр буоллаххына, биэр ээ. Ґгµс, а±ыйах
кэпсэтии наадата суох. Солуута суох мээлэ лабаардыыгын.
Б ы р д а а х а п. Бэйи да, эмээхсиэн, саІарт. Хайдах буо-
лан бардыІ? Мин сібµлµµр буолбаппын дуо? ¤э‑ґэ-ґэ. Куо-
наантан ордук киґи биґиэхэ тµбэґэрэ биллибэт. Куонаан бэрт
кіні, сымна±ас о±о этэ.
Таґыттан С µ л µ г э с С µ і д э р киирэр.
СЭТТИС КЈСТҐҐТЭ
С µ л µ г э с С µ і д э р. Ыалдьыттар кэллилэр.
Б ы р д а а х а п (соґуйар). Ол кимнээ±ий?
С µ л µ г э с С µ і д э р. Дьарааґын атыыґыт…
Б ы р д а а х а п. Дьарааґын даа? Ол киґи иэґигэр кэллэ±э
буолуо. (Ґіґэ тыынар.)
242