Page 76 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 76
Уруускай омук
Ураал хайатын
УІуоргу іттµнэн
Одуулаан олордум.
Ол олорон кірбµтµм:
Уґун уор±алаах
Ороссууйа хотун
УІа іттµгэр —
Хаспыыскай муора хадьааґыннаах,
Чуорунай муора ойо±остоох,
Кырааґынай муора кытыылыктаах,
Сир билиитэ муора сиксиктээх,
Атылантыычаскай бай±ал бастыІалаах,
Кыґын кыдьыгар кыґарыллыбатах,
Тымныы тыыныгар тыыттарбатах,
Кµндµл-кµлµмµр кµнµстээх,
Кірдііх-нардаах
Кі±ірір кµіх сайыннаах,
Сир киэнэ килбэйэр киинэ,
Матайар хаґата,
Дьуларыйар оройо
Дьоллоох-соргулаах
Дьобуруопа диэн
То±ус уон µйэ тохору туругурбут,
А±ыс уон µйэ тохору аатырбыт,
Сэттэ уон µйэ тохору силигилээбит
Сир аххан баар эбит ини, сэгэрдээр,
Ол дойдуга
Омук-омук
Одурууннаах дьор±оотторо,
Ордук µірэхтээхтэрэ
Олус µіскээн хаалан,
Олуона кыара±астык
Олороллор эбит.
Ол иґин онно —
Олуйсар-моґуйсар одурууннаа±а,
Кµітэґэр-кµрэстэґэр кµчµмэ±эйэ,
Албастаґар-адьырыґар амырыыннаа±а
Кинилэргэ эбит…
Биґигинниктэр диэки
Кырыы харахтарынан кынчарыйбаттар,
Куойаларыгар-маІкыларыгар о±устарбаттар,
76