Page 79 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 79

Ньармаанньыйа саарыстыбалаах

Дэбилгэннээх ньиэмэс омук

	 диэн эбит аата.

		  Ол ньиэмэс этэр эбит:

«Ааттаах омуктар

Алгыстаах саарыстыбаларын,

Атыйахтаах кымыс курдук,

Аймыы хаамарым буоллар,

Аан ийэ дайдыны

АІаардастыы баґылыктыам этэ;

	 Одурууннаах омуктар

	 Дьоллоох олохторун,

	 Тордуйалаах уу курдук,

	 То±о оймуурум буоллар,

	 Орто туруу дойдуга

	 Со±ото±ун тойоргуом этэ;

Икки атахтаах бииґин ууґун,

Иґиттээх ымдаан курдук,

ИІнэри кэґэрим буоллар,

Ийэ сири мин эрэ

Иилиэ-са±алыа этим»,  —

	 диир аххан эбит.

	 Дом-дом-дом!..

	 Дом-ини-дом!..

Ол Дьобуруопа хотуІІа дьон

Ґін курдук µксээн,

Кійµк кірдµк кіінньін,

Туман курдук тунуйан,

	 Ийэ сирдэригэр

	 Иитиллибэт буолан,

	 Истэрэ сипсийэн

	 Этэ сытыыллар эбит:

	 «Эргэ бэрээдэги эґэн

	 ЭІин µчµгэйдэ

	 Тэрийиэ±иІ» диэн,

Олох дойдуларыгар

Олус туолан,

Оґо±осторо хоргуйан

Олуґа сытыыллар эбит:

	 «Урукку оло±у уларытан

	 Уйгулаах олохто

	 ОІостуо±уІ» диэн.

                              79
   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84