Page 89 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 89
Бурдук ыґар
Букатын уурайда:
Сиэмэлэрин сиэн кээстэр,
Аттарын амсыырдаан кээстэр,
О±устарын оґо±оско уктубуттар.
Мантан —
Аан дайдыга анаарбатах
Ахсым алдьархай та±ыста,
Кµн сиригэр кірбітіх
Кµµстээх µлµгэр тірµітэ,
Икки атахтаах истибэтэх
Иирээннээх сут эргийдэ.
Онон холуйдахха,
Урукку улахан сэриилэр
О±о оонньуута эбиттэр,
Ааспыт ааттаах сэриилэр
Аччыгый айдаан эбиттэр, —
Ол уойбуттарын уйумуна
Охсуґар эбиттэр,
Топпуттарын уйумуна
Тоґугураґар эбиттэр,
Букатыннаах бу±а сор бу буулаата,
Хааттарыылаах хатан ыйаах бу хаайда.
Аґыыр ааныттан баранна,
Сиир сиик буолан симэлийдэ,
Ґссэнэр ірµµ µµммэт буолла.
Кµн сырдыгыттан кµрэнэр
Кµчµмэ±эйэ бэрдиттэн
Кµµстээх диэки іттµлэрэ
Кµн дьонун кімµллээтилэр;
Аан дайдыттан арахсар
Абытайа бэрдиттэн,
Арыыйда диэки іттµлэрэ
Айыы дьонун аґылыктаннылар;
Ийэ сиртэн тэлэґийэр
Илдьиркэйэ бэрдиттэн
Икки атахтаах этинэн
Иитиллэ сытаатылар…
Ахса биллибэт дьон
Амсыырдаґан бараннылар,
Ґгµс кµбµірµнэ дьон
Ґтэлэґэн бµттµлэр,
89