Page 93 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 93
ЧыІыс Хаан ыйаа±а
Ыксары буолла±а,
Одун Хаан оІоруута
Улахан буолла±а,
ТаІха Хаан таІхата
ТаІнары эбит буолла±а…
Уо! Уґун сордоохтор!
Јспµт ійбµт туомун
Ґс хос тимир курдуу уобуруччу
Бобо тута сылдьар
Буомнаах бириэмэтигэр
Бу сордоох буомча
Буулаан-моґуоктаан
Бу айылаах оІордо±ун!
Айыы саІнаахтар,
Сабыллыбыт санаабыт сыыґын
Алта хос сада±а мо±ой хаайыы
Саба хаппахтаан сылдьан,
Саргыбыт сыыґын
Самнарбыт абатын даа…
Абатын даа…
Дом-дом-дом!..
Дом-ини-дом!..
Дьэ, сэгэрдээр,
Хайа ол буолла±ына,
Орто туруу бараан дойду
Дьоллоох уйгу быйаІ оло±уттан
Туораан хаалар
Хомолтото бэрт буолаарай?
Алгыстаах айыы далбар
Маанытыттан матан хаалар
Абата бэрт буолаарай?
Кµн сирин
Кірдііх кµндµ оло±ун
Кірбіккі ілµтэлээн хаалар
Кµчµмэ±эйэ бэрт буолаарай?
Хайа
Мантан быыґаныахха айылаах
Туох сµбэ-соргу баар буолаарай?
Бэйэм санаабын эттэхпинэ,
Миэнэ маннык:
Былыргы кырдьа±астар,
Јлбµт ібµгэлэрбит,
93