Page 98 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 98

Ааҕыы, сэһэргэһии

           САХА ИНТЕЛЛИГЕНЦИЯТЫГАР СУРУК

                                     (быһа тардыы)

    Сахалар эстэн баранар төлкөлөөхтөрүн, ол дьылҕа мүччү­
рүйбэт ыйааҕар тэҥнэһэн эрэрин туһунан санааны этэрбин
эһиги, тойоттор, баҕар, наһаа күүркэтэр, ханнык эрэ санаа
тииһигэр ылларбыт киһи дии саныаххыт. Инньэ дииргит — бэ­
йэҕит көҥүлгүт, ол эрээри билиҥҥи кэмҥэ саха балаһыанньа-
та олус кутталлаах буолла дии саныыбын.

    Биһиги бүдүгүрбүт халлааммыт саҕаҕар ол хатааннаах
былыттар дьулааннык чуоҕуспуттара ама харахха быраҕыллы-
бат буоллаҕай!..

    (…)
    Былыргы туруктарынан олорор түҥкэтэх норуот ордук куль-
туралаах норуоту кытта алтыстаҕына, кэм-кэрдии ааһан ис-
тэҕин аайы эстэн-быстан, сүтэн-оһон барарын бары бэркэ
диэн билэбит. Ону история элбэх ахсааннаах холобурдара
туоһулууллар.
    Даа, онно биһиги туспутунан араас өйдөбүл, түөрүйэ уонна
бырайыак тарҕаммыт. Холобур, Саха уобалаһын, олохтоохто-
рун уонна саха тылын билэринэн сураҕырар уонна онон бэр-
димсийэр киһи, улахан билиилээх аатыран тыл эппит. Онто
биһиги туспутугар туох да сиэрэ, кэрээнэ суох, ол оннугар
истээччилэргэ бэрт табыгастаах санаа  — саха норуотун хоту,
муора диэки көһөртүүргэ, оттон кинилэр төрөөбүт дойдуларын
Россияттан көһөн кэлэр дьонунан толорорго диэн. Ити тойон
бырайыага эһиэхэ, баҕар, сүөргүтүк иһиллиэҕэ, оттон нуучча
тойотторго оччолорго эҥкилэ суох буолан иһиллибит. Хайыах­
пытый, бэйэлэрин өттүлэриттэн сөпкө этэллэр: көс дьонугар
сир наада; муора кытыытыгар олохтоотоххо  — климатын ту-
луйуохтара суоҕа; оттон онно сахалары көһөртөөтөххө, клима-
тыгар үөрүйэх буолан, тиийээт да тутатына өлөн-өһөн барыах-
тара суоҕа; оччоҕо туохтан тутуллабыт — сахалары баҕас хоту
кыйдаталыахха, онон бүтэр!..
    (…)
    Биһиги халлааммыт иккис дьулааннаах, ордук ынырыктаах
былыта миэхэ индустар, кытайдар, дьоппуоннар уо.д.а. мөс-
сүөннэрин өйдөтөр. Киһи сир үрдүгэр олох кэлин, кини кэн-
нэки кэрдиис кэмигэр, үөскээбитэ. Төһө да хойутаан көһүн-

  98
   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103