Page 100 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 100
теригын устун илиҥҥи уонна хотугу муораларга тиийэ, дьон
хаанынан доҕуһуолланан, саба халыйыа…
Дьиксинэбин: аҕыйах ахсааннаах саха омуга итинник сил-
лиэҕэ саба баттатан, суорума суолланыа диэммин.
Биһиги, көҥүллүк сылдьар чэгиэн дьон, олох силлиэтин
холкутук күүтэн олорон, бастакы балаһатыгар үлтү оҕустаран
сир үрдүттэн симэлийэрбитин кэтэһэбит дуо?!
Суох, өссө төгүл суох!!! Киһи айылҕа толору былаастаах
хаһаайына буолбут, күлүмүрдэс сардаҥалаах поэзия, кэрэкий
бэйэлээх эстетика сырамнарын анныгар, барыттан күүстээх
наука, сайдыы-үүнүү көмүскэллээх, өйдөөх-төйдөөх, духовнай,
толору дуоһуйуулаах олоҕу саҕалаан баран, дьон-сэргэ чэчи-
риир кэмигэр олорор бырааптан аккаастанар олус абалаах,
олус хомолтолоох!..
Пекарскай бырайыагын ылынан, хоту барыахха дуу? Суох —
ити № эмиэ куһаҕан: хоту биһиги тыыннаах буолан олоруох
сирбит суох — сотору кэминэн эстиэхпит уонна бэйэбит да
баҕабытынан барыахпыт суоҕа.
Суос-соҕотох табыгастаах ньыманан биһиги культивизация
ҕа 1 киирэрбит уонна нууччалары кытта холбоһорбут буолар —
дьолго бу буккааһык хаантан үтүө төрүөх кэлэр. Культивизация
биһиэхэ, үөһэ этиллибит ыарахан сибиэннэри тохтоторго эрэ
буолбакка, уопсайынан наадалаах.
1912 с. Ыам ыйа. Хачыкаат
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Кэрчик этэр санаатын илдьиритиґиҥ:
— Иннинэн сирэйдээх, Эргийэр иэччэхтээх Икки атахтаах»
иэдээнэ туохтан тірµттэнэр диэн ойуун кір µµлэнэрий? «Са
ха интеллигенциятыгар сурук» ханнык санаатын кытта ал
тыһарый?
— «Олустук тутунна,
Салаҥнык сананна,
Сэттээхтик кэбилэннэ» диэн туох этиллэрий?
2. Айыы таҥаратын дьүүлүн араҥалаан ырытыґыҥ.
3. «Ґлµгэр-алдьархай тірді
Ґксµµртэн µідµйэрин
Јйдµібэккэ ілбµттэр» диэн этии туох ис номохтоо±уй?
1 Культивизация диэн тылы А. Е. Кулаковскай духуобунай уонна материальнай
култуураны сайыннарыы киэҥ өйдөбүлүгэр туттар.
100