Page 102 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 102

Кулакуоскай суруйааччы быһыытынан суолтата итинтэн көстөр:
кини бэйэтин айымньыларыгар киһи аймах хааннаах баттал, хала-
бырдаах сэрии суолун тутуһуо суохтаах, сайдыы, өй, үөрэх өттүн ту-
туһуохтаах диэн санааны иитэриттэн. «Ойуун түүлэ» бэйиэмэтигэр,
«Интеллигенцияҕа суругар» Кулакуоскай аҥаардас Саха сирин, саха
норуотун эрэ быһа тутан хаалыыттан, хабалаттан тахсарга ыҥырба-
таҕа, ону ааһан, бүтүн киһи аймах сайдыы (наука уонна логика) суо­
лунан эрэ бары өлүүттэн-алдьархайтан быыһаныаҕа диэн санааны
эппитэ.

    (…)
    «Ойуун түүлүн» урукку сыаналааһынтан өссө биир түгэҥҥэ тох-
туубун. Кулакуоскай социальнай көрүүлэрэ «муҥутаҕын» дакаастыыр
биир холобурунан чинчийээччилэр бары сир үрдүгэр «үлүгэр-алдьар-
хай төрдө үксүүртэн үөдүйэр» диэн этиини аҕалаллар. Кулакуос­кай
киһи наһаа үөскээн сэрии буолар диэбэт, байар-тотор баҕаттан,
бастаан «кыра ыалларын кыама суох кырган» баран, «олохторо туп-
сумуна, кыһалҕалара кыайтарымына» «улахан омуктар улахаттарга
утарылаһар толкуйу булуналлар»… Онтон сылтаан, бүтүн аан дойду
сэриитэ турар диир. Аны туран, «баһаам баайдар баабырыка дьаһа-
лынан баһа суох дьон бастыҥ сиилэлэрин баһыйан кэбиһэн, баламат
алдьархайы аҕалалларыттан» «үрүҥ түү көрдүк үрэллэн үөскээбит үлэ
дьоно үлүгэрдик өһүргэнэн, үлтүрүтүһэр өйгө (ол аата, өрөбөлүүссү­
йэҕэ, кылаас сэриитигэр. — В. Н.) үһүйсэн эрэллэр эбит». Онтон ор-
дук кылаастар атааннаһыыларын төрдүн хайдах быһаарыай бэйиэт?
Ити (сэрии уонна өрөбөлүүссүйэ) түмүгэр кинилэр хаһаайыстыбаны
садаҕалаан, аччыктааһыны, хоргуйууну таһаараннар (как естествен-
ные их последствия), «дохсун үгүс дьон үөскээбит үтүө дойдуларыт-
тан үтүрүллэн, иитиллибит ийэ сирдэриттэн тэлэһийэн, айыллыбыт
аҕа дайдыларыттан арахсан, салаҥ элбэх сай-күдүө дьон Саха диэки
салаллан, Дьокуускай диэки туһулаан, биһиги диэки бэрэһэлиэннээн
эрэллэр…» Киһи аймах олоҕо барыта сибээстээх-ситимнээх, туохтан
да тутулуга, төрүөтэ суох туох да буолбат бу орто аан ийэ дойдуга
диир эбээт, А. Е.  Кулакуоскай.

                                                                                         В. Н.  Протодьяконов

                                                                    ДИРИҤЭТЭН ЫРЫТЫЫ

    1.  А. Е.  Кулаковскай «Ойуун тµµлэ» бэйиэмэтигэр уонна «Са­-
        ха интеллигенциятыгар суругар» айыл±а уонна киґи сы­
        ґыана хайдах ойууланарый?

    	 —  Бэйиэмэҕэ уонна сурукка ааптар айыл±а икки киґи икки
             сыґыаныгар киһи муҥур баһылыырга, айылҕаны таптаа­
             бытынан дьаһайарга турунуута туохха тиэрдиэн сөбүн
             ырытыытын тэҥнээн көрүҥ.

 102
   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106   107