Page 107 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 107
ыламмын кинини µірэтиэм», — диэн. Ол саата-суута хайдах
буолуо±ай. Мин эйигин туох иннигэр эрэйи-буруйу кіріммµн
бачча±ар диэри ииппитимий. БэйэІ билбэккин дуо, а±аІ Быр
тааны Сµідэр то±устаах о±о эрдэххинэ ілбµтµн кэннэ, тулаа
йах хаалан муІу-таІы кірін, сµµґµм кіліґµнµн уллуІахпар
а±аан, уллуІа±ым кіліґµнµн сµµспэр а±аан, бачча киґи гын-
ным буолбат дуо. Јлір µйэбэр, кырдьар сааспар иитиллэн
аґыам диэн. А±аІ ілµіхсµт маннык тыллаах-істііх киґи буо-
луо диэбэт этэ. О±ом сымна±ас киґи буолуо±а, эрэйдээхтэри
аґынар, кыґал±алаахтары кімµскµµр киґи буолуо±а диирэ.
А±аІ ілбµтµн кэннэ тµірт киґи кэлэн ыйыта сатаан кээстэр э,
ону о±обун аан дойдутуттан араарымаарыбын, иэримэ дьиэ-
титтэн иэдэтимээйэбин диэн бу тоІ модьо±ону кэтиэн олорор
буолбаппын дуо. Ону тіґі кэриэстээн-ытыктаан эрэ±ин. Хата,
дьоІІо сырытта±ым аайы µтµі быґыыгын-майгыгын кэпсээн
сырай эрэ саатырдан, кулгаахпын эрэ ититэн эрэллэр ини!
М а н ч а а р ы. Ол Чоочо баай тотон, миигин тугу гыммы-
тым иґин таґыйаары гынар! Тугу уорбут µґµбµн дуу, тугу ал-
дьаппыт µґµбµн дуу. Кими талаабыппын дуу, кимтэн былдьаа-
быппын дуу. Хата, бэйэтин дьон этэллэр буолбат дуо. Былыр
айан дьонун аттарын быґа аґарбат этэ, чугастаа±ы ыалларын
сµгµн олоппот этэ диэн, ити кэннэ кинээс буолан баран уору-
йахтары уоруйахтарын сабан, кинилэр уорбут µптэрин бары-
тын бэйэтэ хамыйан ылан байда дииллэр буолбат дуо. Кыра
дьону баттаан, дьадаІыны ата±астаан, тулаайахтары сирдэ-
рин былдьаан, кинилэр кіліґµннэрин-хамнастарын сиэн, Чоо
чо баай ааттаммыта диэбэттэр дуо. Ити кэннэ кини мин туох
буруйбун булан буруйдаары гынар.
Э м э э х с и н. Ээй тукаам, улахаттары, баайдары кытта
биґиги, кыра дьон, хайаан кыайан мэккиґиэхпитин, хайдах
кинилэри кытта тэІнэґиэхпитин этэ±ин. Хата, кэл, аґылык-
кын аґаан баран, утуй. Хотуой, чэ кµіскµн таґааран хотор!
Бу сµігэйгин хайдах маа±ыаттан ииппэтиІ, маа±ыан мин ба-
рыахпыттан тугу гына олордуІ. Атаххын оллооннуу кэбиґэн
олорон, хамыс тардан хантайа олордо±уІ дии!
К э р г э н д ь а х т а р (уоґун иґигэр ботугураан). Хам
баачч ы олоро иликпин, миэхэ хотонум саа±а да кыайтарбат.
Э м э э х с и н. Чэ, кµіскµн хоторумуна итиннэ ботугуруу
тураары гынныІ дуо. (Кэргэн дьахтар остуолга а±алан киэґэ
аґылыктарын тарпытын саІата суох аґыыллар. Манчаары аат
эрэ харата аґыыр, тугу эрэ саныыр-ійдµµр киґи быґыытынан
олорор.)
107