Page 112 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 112
тахха ыарахан со±устук этиэх быґыылаах диибин. (Чэйдээн
бµтэллэр.)
С ы л г ы ґ ы т (таІаґын таІнан баран). До±оор, мин сµі
ґµбµн аґата та±ыстым, эн Баґылайга сытарыгар таІаста бу-
лан биэр. (Тахсар.)
М а н ч а а р ы (кэлэн Матырыана аттыгар олорон баран).
Ґнµрµµн Дарба±ай ДарыбыаІІа то±о барбатаІый?
М а т ы р ы а н а. Онно то±о барыамый?
М а н ч а а р ы. Ойуун кыырдарбыттара буолбат дуо. Онно
элбэх уолаттар, кыргыттар мунньустубуттара.
М а т ы р ы а н а. Ол то±о миигин кµµттэІий, миэхэ то±о
кыґаннаІый.
М а н ч а а р ы. Мин эйигин кµµтэрбин, мин эйиэхэ кыґа-
нарбын эйигин бэйэтэ да билэрэ буолуо±а, сµрэ±э таайара
буолуо±а дии саныыбын. Былырыын сайын Мэрбэллэ Бµітµр
уруутугар сылдьан кірсµспµппµт тухары, онно оонньообуппут,
кірµлээбиппит тухары, эн мин санаабыттан тахсыбат буолан
хааллыІ, онтон бэттэх тµµн да буоллун, кµнµс да буоллун ірµµ
эйигин саныы сылдьар буолан хааллым. Сµрэ±им-быарым уул-
лан тохторугар тиийдим. Эйигин санаатахпына, утуйар да уум
уу буолбат, аґыыр да аґым ас буолбат.
М а т ы р ы а н а. Ама то±о оччо µлµгэр буоллаІый. Куґа±ан
дьахтар диэІІин кµлµµ гынан этэн эрдэ±иІ диибин.
М а н ч а а р ы. Мин то±о кµлµімµй. Хата, эн бэйэІ сэнээн,
ата±астаан этэн эрэр инигин. Кини эмиэ киґи дуо, кини эмиэ
итии хааннаах, хамсыыр сµрэхтээх буолуо дуо диэн эрдэ±иІ.
Буор дьадаІы ба±айы, кини таптаабытын иґин тугунан иитиэ
±эй, аґатыа±ай диириІ буолуо даа, мин да киґи буолан сы-
рытта±ым дии, мин да инчэ±эй эттээх, тардар тымырдаах,
тэбэр хааннаах буолла±ым. ДьадаІым иґин, илиим, ата±ым
да кµµґµнэн биир дьахтары иитиэм дии саныыбын.
М а т ы р ы а н а. Мин то±о инньэ диэмий да, мин ба±ас
эрэйдээ±и то±о таптаатаІый. Аны кэлэн мин хайдах эйигин
кытта холбоґон, тэллэххэ сытар тэІнээх, хоонньоґо сытар хо-
лоонноох до±ор буолуомуй. ОІоруубут, ыйаахпыт атын буол-
тун кэннэ. Бостуой сµрэх-быар бааґа буола сылдьыах кэриэтэ
санааны манньытан эрэйдиэххэ тµктэри, бостуой дьон элэгэ,
киґи кµлµµтэ буолуохпут.
М а н ч а а р ы. ОІоруубут, ыйаахпыт туґунан буола-буола.
Тугу да билбэт тулаайах хаалбыт о±ону ол Чоочо о±онньор
бары баайын халаан ылан баран, сылгыґыт уолугар кµµґµнэн
эргэ биэртэ оІоруу буолла±ай, бэйэІ ійдііх санаа±ынан,
112