Page 110 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 110

на±ас» диэн тыл ханнык суолта±а туттуллубутун толкуй­
        даан кірµІ.
    2.  Манчаары «Аба±ам о±онньор бэйэтин идэтигэр µірэтээри
        гыммыта буолуо дуо?» диэн тугу этэр быґыылаа±ый?
    3.  Кубарсы Уйбаан: «Саас быстарыы са±ана, хата, киниэхэ
        от  баар буолан, дьон сµіґµлээх-астаах хаалтара»,  — диир.
        Манна суруйааччы тугу этэрий? Чоочо диэн кимий?
    4.  Манчаары ийэтэ: «Аны ол дьон ол-бу диэбиттэрин аайы
        онуоха-маныаха кытта сылдьар буолаайа±ын!» — диэн то±о
        сэрэтэрий?

                                       ИККИС ООННЬУУТА

                                          Оонньуур дьоно

    С ы л г ы ґ ы т С µ і д э р  — эр ортото киґи.
    М а т ы р ы а н а  — эдэр дьахтар, Сµідэр ойо±о.
    М а н ч а а р ы.
    Ј р і І н µ µ р К и р г и э л э й.
    Т э л л э й Х а б ы р ы л л а.
    К ы т а І н ы ы р М и и т э р э й.

                                С ы л г ы ґ ы т дьиэтэ, дьадаІы ыал.
         Бэйэтэ ыалдьа сытар, о й о ± о уот кытыытыгар иистэнэ олорор.

                М а н ч а а р ы дьиэ таґыттан киирэн илии тутуґуталыыр,
              ити кэннэ ороІІо баран олорор. Сылгыґыт туран олорор.

    С ы л г ы ґ ы т. Кэпсиэ, тугу иґиттиІ?
    М а н ч а а р ы. Суох, тугу да истибэтим! Эґиги тугу иґит-
тигит, хайдах-туох олоро±ут?
    С ы л г ы ґ ы т. Биґиги тугу истиэхпитий, арай тойоммут
Чоо­чо баай баар эрэ кілµнэр кілібµтµн икки сыар±а отун
иэґигэр туттаран ылла.
    М а т ы р ы а н а. Чоочо баай балай эмэ µрµІ-хара сµµрµк-
тээх буолара. Балай эмэ сыґыыга баппат сылгы сµіґµлээх,
алааска баппат ынах сµіґµлээх буолара, олоро барыта умса
тµґэн хааланнар, биґиги баар эрэ биир туора муостаахпы-
тын туттаран ылла ини, онон ірі таттараары. Хайа, биґиги
да кіліґµммµтµн кини балай эмэ сиэбитэ буолуо, балай эрэ
иннигэр-кэннигэр сµµппµтэ буолуо±а.
    С ы л г ы ґ ы т. Ээй, барба±ы саІарыма, дьахтар! Улахатта-
ры кытта эн кыайан тэІнэґээри гына±ын дуо!
    М а т ы р ы а н а. «СаІарыма» буола-буола, кырдьыгын эти-
тимээри гына±ын дуо. Ама билигин бу айылаах буолтум иґин,
мин да син киґи курдук дьонтон тіріібµтµм. Мин ийэм, а±ам
ілліхтірµнэ балай эмэ сµіґµ-ас хаалбыт этэ. Ону барытын

 110
   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115