Page 97 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 97

Ґс сырдык кµлµккµтµгэр

		  Ґгµрµ-сµгµрµ буоллун!..

Тілкілііх тµінэ ма±ан тµірэх

	 Очурга о±устарар,

	 Тэхтиргэ тэптэрэр,

ТµІнэстэ тµґэр буолаайаІый!

	 Тускуо!

                      1910  с., Хачыкаат сирэ

    Күндү доҕоттор, А. Е.  Кулаковскай «Ойуун түүлэ» бэйиэмэ-
тин былырыын 10-с кылааска аахпыккыт, ырыппыккыт. Сорох-
тор бу айымньыны тоҕо иккистээн ааҕабыт дии санаабыт буо-
л­ уохтааххыт. Дьиҥ тыл ускуустубатын кэриҥэр киирбит, но-­
руот олоҕун тыын мөккүөрдэрин ырытар тыыннаах айымньылар
ураты дириҥ сэһэннээх, толкуйдаах буолаллар, кэм-кэрдии
иитинэн кээмэйдэммэттэр, норуот олоҕун суолдьут сулуһа буо­
лан, өрүү өй-санаа, толкуй уган биэрэр үрдүк суолталаахтар.
Өксөкүлээх «Ойуунун түүлэ» — саха литературатын чыпчаала,
омук кэскиллээх санаатынан олох уустуктарын уйарыгар, сир
үрдүгэр үгүс элбэх норуоттары кытта тэҥинэн сайдар, олох
олорор таһымнаныытыгар сирдиир ис күүстээх айымньы. Бу
сүдү айымньы хас аахтах аайы дириҥэ, үйэлээҕи кэрэһилии­
рэ, өҥө-дьүһүнэ саҥаттан саҥалыы арыллан иһэр.

    Аан дойду устуоруйатын, норуоттар сыһыаннаһыыларын
эгэлг­ э өрүттэрин номуука, үөрэх-билии кэриҥнэринэн ыры-
тан, «Саха интеллигенциятыгар сурук» диэн ааттаан, 1912 сыл-
лаахха дьиҥ олоххо буола турар чахчыларга тирэҕирэн, дириҥ
сэһэннээх, олох сайдыытын түстүүр хайысхалары барытын
ырытан, күн бүгүнүгэр диэри суолтатын сүтэрэ илик үлэни
таһаартарбыта. Үлэ сүрүн кыһалҕата — норуот олоҕор суоһуур
кутталлаах мөккүөннэри сымнатар, туоратар ньымалары, сай-
дыыга сирдиир, олох суолун тирэхтээх оҥорор дьайыылары
сурук киэбигэр киллэрэн ырытыы. Бу үлэ «Ойуун түүлэ» бэ­
йиэмэҕэ ойууланар норуот олоҕун тыын мөккүөрдэрин кытта
быһаччы ситимнээх.

                              97
   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102