Page 99 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 99
нэр, атын кыыл-сүөл аймаҕын бары көрүҥнэрин, аҥаардас
саныыр санаатын дорҕоон көмөтүнэн (а. э. саҥа көмөтүнэн)
атастаһар дьоҕурдаах буолан, кыайталыы охсубута. Саҥарар
саҥа үөскээһинэ киһиэхэ аҥаардас кыыл эйгэтин эрэ кытта
охсуһууга буолбакка, айылҕа алдьатыылаах уонна уодаһын
наах күүстэрин кытта туруулаһарыгар модун төһүү буолбут
сурук-бичик уонна наука төрүттэнэллэригэр үктэл буолбута.
Киһи обургу билиҥҥи кэмҥэ бэйэтин айылҕа ыраахтааҕы-
тынан ааҕыныан ааҕынар. Кини чахчы киэн туттуон туттар —
кыыл аймаҕы кыайда. Билигин бириэмэ, куйаар, ыраах-чугас
диэн аахсыллыбат буолан турар: киһи саныыр санаата теле-
грабынан аҕыйах чаас иһигэр сир шарын бүтүннүү иилии эр-
гийэр кыахтанна. Ууга балык курдук хайа баҕарар сылдьар,
тугу баҕарар оҥорор; көтөр кынаттаах курдук салгынынан
көтөр. Эпидемия (дьаҥ) курдук ынырыктаах абааһыны кыай-
быт наука сири-дойдуну буулаабыт куһаҕан тыыннары биири
да ордорбокко «имири эһитэлээтэ». Урукку өстөөхтөрүн — тыа-
лы, ууну, чаҕылҕаны (электричество) — бэйэтин туһатыгар үлэ-
лиир истигэн кулуттарга кубулутта. Мындыр өйүнэн айылҕа ис
кистэлэҥнэригэр өтөн киирэн ырыыналаан, өйдөнөр оҥортоо
то. Кини бэйэтин эйгэтин — сири — билэрин таһынан, сулус
тары, күнү, планеталары; кинилэр састааптарын, тутулларын,
үөскээһиннэрин, кээмэйдэрин эмиэ билэр. Биир тылынан эт-
тэххэ, сир үрдүгэр киһиэхэ тэҥнээх суох, кимтэн да, туохтан
да толлубакка, соҕотоҕун бас билэн бэрдимсийэ айбардыыр…
(…)
Ол да буоллар тыыннаах хаалыахха наада. Ити туһуттан
киһи аймах ынырыктаах, кэрээнэ суох ньыманы — күүстээхтэр
мөлтөхтөрү саа-сэп күүһүнэн кыдыйалларын (сэриини) — тут-
тарга күһэллэр.
Онон бары аҕа норуоттар быыһанар суолу көһүүгэ уонна
сэриигэ булбуттара, булаллар даҕаны.
Арай суос-соҕотох Күндүл Халлаан Империята (Кытай) ты
һыынчанан сыллар усталарыгар бэйэтин таас, сөҕүмэр, кэлтэ-
гэй төгүрүмтэтигэр — Улуу Эркинигэр — хатаммыта. Билигин
ол да Эркин киэҥ сири, аһыыры модьуйар түөрт сүүс мөлү
йүөннээх күүс дьүккүөрүттэн хайытталанан эрэр…
Дьиксинэ саныыбын: субу, сарсын-өйүүн аччык, ыйаасты-
гас харахтаах биистэр ынырыктаах дьүккүөрдэрин тулуйумуна,
Эркин сууллан тоҕо ыһыллыа, ол кэннэ суостаах-суодаллаах,
өлөрөр-өһөрөр ыар тыыннаах киһи халҕаһата Азия улуу ма-
99