Page 101 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 101
4. Киґи аймах устуоруйатын ханнык чахчыларыттан ойуун
салларый?
5. «Ґрµт дьµµл тутаахтара ірі кірдірбіт» уонна норуот «урук
ку оло±у уларытар» міккµірэ іґµллµµтµгэр ойуун тугу
кірірµй, ол сурукка ханнык санааларынан бэриллибитий?
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Уус-уран литератураны чинчийииттэн
Бөлүһүөк-бэйиэт уонна учуонай өйүн-санаатын кыһыл-үрүҥ бэ-
лиэлэринэн мээрэйдиир былыргы киэп, Кулакуоскай өйүгэр уонна
талааныгар билигин атын киэп наада. Ону баара, өрөбөлүүссүйэ ин-
нинээҕи литература устуоруйатын ырытар учуонайдар бары, көҕүспүт
курдук, этэллэр: өрөбүлүүссүйэ иннинээҕи суруйааччылар реалистар,
онон айар ньыма, бириинсип өттүнэн, сүрүннээн, нуучча тылын, лите-
ратуратын айар үгэстэрин бигэтик тутуспуттара диэн. Маннык түмүк-
тээһиннэр, кэлин тиһэҕэр, саха өйүн-санаатын, олоҕо туспатын, айар
уратытын билиммэт буолууга тиэрдэллэр.
Ойуун диэн, Өксөкүлээх этэринэн, мэнэрик буолбатах, киһи олоҕун
өтө көрөөччү, жрец, арчыһыт, эмчит. Кулакуоскайы холуннарааччы-
лар, биир үксүн, саха мифологиятын, саха муудараһын дириҥник
билбэт, билиммэт буолан, кини айымньыларын талбыттарынан «таа
йан» сыаналаабыттара. Норуот айымньыта уонна итэҕэлэ норуоту
кытта бииргэ сылдьар. Ол муударастан «куоппут» улуу суруйааччы
баар буолуон табыллыбат.
***
«Өксөкүлээх үйэтин» интеллектуальнай таһыма үрдүгүн аҥаардас
кини айымньыларыттан да ааҕан билиэххэ сөп. Маҥнайгытынан, кини
бэйэтин айымньыларыгар аан дойду олоҕун ырыппыта, киһи аймах
тулалыыр эйгэҕэ сыһыанын таайбыта. Кулакуоскай — аан дойду са-
ныыр санаатын сахалыы этэн таһаарбыт бастакы бэйиэт. Ити кини
аан дойду духуобунай баайыгар киллэрбит кылаата. Иккиһинэн, бэйэ
тин норуота аан дойду сайдыытын таһымыттан быдан ыраах хаалбы-
тын ыйан көрдөрбүтэ. Ол аата, Кулакуоскай саха норуота колониаль-
най батталтан уонна ньүдьү-балай туруктан (невежество), хаалыыттан
тахсар суолун көрдөөбүтэ уонна аан дойду үөрэҕин, наукатын баһы
лаан, сайдыы тэҥ таһымыгар тахсар суол баарын ыйбыта. Ити —
бары омук сайдар суола, сайдыы бары кэмҥэ сыһыаннаах уопсай бы-
рагыраамата. Наука, цивилизация суола — сайдыы суола. Сахаларга
ол суол төрдүн арыйбыт киһинэн А. Е. Кулакуоскай буолар. Үөрэҕинэн
кыайыы — тыыннаах ордуу иһин охсуһуу биир тулхадыйбат дуулаҕа
көрүҥэ.
(…)
101