Page 13 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 13
Алларанан барда±ына, албаан ыламмын,
Атыыр алдьархайга умса охсуо±ум.
Міккµір бі±і міІµрээтин!
Міккµір бі±і тіріітµн!!!
1 - гы отчут
(µлµгµнэйэр)
Олорбуппут оччо,
Омур±аммыт буолла.
Оруос Баай оттооботоххут диэ±э,
Оруос Баай оройбутун охсуо±а.
ЧэйиІ-чэйиІ, туран барыа±ыІ!
ЧэйиІ-чэйиІ, баран оттуо±уІ!
2 - с отчут
(тµґээн)
Кіхсµм эрэйдээх кµµгэннийиэр дылы,
Кµµгэннийэ-кµµгэннийэ кµрдµргµір дылы,
Иирбит-итирбит курдук,
Итийэн-кутуйан туран,
Сир аппатын-дьаппатын билбэккэ,
Силис-мутук диэн иІнибэккэ,
Тэлэн-тэллэйдээн иґэрбэр
ТэІнээх бэрди кірбітµм…
Кыґыл Ойуун
(со±уруу диэки чарапчыланан кірі-кірі)
Орто туруу аан ийэ дойдубун
Одуулаан кірін турдахпына,
Уу испит сылгы курдук,
Уґуутуу-уґуутуу, хаанынан ытаан,
Хагдарыйа кууран, хараара умайан,
Хааннаах хара буруо ортотугар
Тіхтілі суох тігµрµйэ кітін,
Тіліні кµндээрэн, умайан эрэр.
(Тохтуу-тохтуу)
Кэнэ±эски кэскил кэлэн истэ±э,
Кэлэр кэмин иэччэ±э эргийдэ±э…
(Олорор.)
13