Page 9 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 9
Онуоха дылы биттэммэт этим…
Тµґээммин, эркинэ-иитэ биллибэтэх,
Тµгэ±э-тірді тірµт кістµбэтэх
Хааннаах хайа±ас ааныгар,
Хара туманым ортотугар,
Хотой о±ото буоламмын,
Кубулунан сыттахпына,
Тµµлээх тібілііх эриэн кыылым
ТµллэІнии-тµллэІнии сыылан кэлэн,
Тµіґµм µрдµгэр тібітµн уурбута,
Тµгэ±э биллибэт хара харахтарынан
Тыбыс-тымныытык, чыпчылыйбакка кірбµтэ…
Онуоха, уґукта быґыытыйаммын,
Олустук уолуйан-куттанан,
Икки кынаппын хамнатан кірбµтµм —
Икки дабыдалым, дырылыы-дырылыы,
Уотунан умайбыттара.
Утуйан, улук буолбуттара.
Куйахам куйута-хайыта тарпыта,
Куйахам, итийэ-итийэ, дырдыр±аабыта.
Сµµґµм, тымныйа-тымныйа, умайбыта,
Сµµґµм кіліґµнэ аґый-аґый хаарыйбыта.
Сµрэ±им тиІ-тиІ тиІиргээбитэ,
Сµрдээхтик дыр-дыр хайыта барбыта.
Онуоха эриэн кыылым тµллэс гыммыта,
О±уруо курдук тымныы харахтарынан
ЈІійін кірбµтэ, тылын таґаарбыта…
«Јллµµм-іллµм», — дии санаабытым,
Икки чабыр±айбынан хара±ым уута,
Илибирии-илибирии, таІнары сµµрбµтэ.
Тµіґµм, ньирилии-ньирилии, ньµілµйбµтэ,
Тµіґµм улам-улам тымныйбыта.
Хамнаан, ха±ынайан кірбµтµм —
Хамнаабат гына куІ буолбутум…
Эриэн кыылым уґуктаах тылынан
Эмиийим кэрэтиттэн сыІаахпар дылы,
Уот курдук, дьукку салаабыта,
Унньулус гыммыта, сµтэн хаалбыта…
СыІаа±ым, итийэ-итийэ, бабыгыраабыта,
СыІаа±ым, итийэ-итийэ, хабдьыгыраабыта…
Онтон, титирии-титирии, энэлийбитим,
Онтон тµлэй-балай тµспµтµм…
(тохтуу-тохтуу)
9