Page 232 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 232
быра±ан, Аркадий бэйэтин хоґун иґигэр быар куустан, сы-
мыґа±ын быґа ытыран, ір хаама сырытта. Хайдах итинник
эрэйдээхтик олорор дьахтарга кіміліґір сатамматый? Бэ-
йэтэ, Анфиса да баар — туой туох эрэ айдааннаах дьонноох,
киґи кіміліґµін ба±арда±ына, мордьойор, туой тураах курдук
хаа±ыргыыр эрэ, суох, сатаммат маны тулуйуохха.
Устунан Аркадий уоскуйда. Аанын хатаары илиитин уунан
иґэн истэргэ дылы гынна урут Анфиса эппитин: «Эн, эр киґи
бэрдэ, ал±аска хоскун аґа±ас хааллардыІ быґыылаах. Баран
хатана о±ус». Э±элээх этии этэ. Уол хоґун аанын хатаабата,
эмиэ сис туттан хаамта. Уоту уматан иґэн сапсыйда, ір дьы-
бааІІа таІастыын сытта. Кинигэ аа±ан иґэн — ыґыгынна.
Тіґі ір итинник сыппыта буолла, аан ніІµі туох эрэ чыы-
чаах саІатын курдук иґиллэн ааста. Муодар±аан, Аркадий
аанын сэгэтэн кірді. Ирочка, Светлана тураллар, таІныбыт-
тар. Аркадий кинилэри кууґа тутта да, хоґугар дэллэритэн
киллэртээтэ. Сирэйдэрин іІійтіін кірді — ытаабыттар. О±о-
лор таІастыын дьыбааІІа чікіґін олордулар. СаІа суох. Ар-
кадий µіґэ лаампаны уматта. Хос иґэ сырдыы тµстэ. Аркадий
икки кыыс хара эрээри халыІ сиэрэй уллуІнаах эргэчээн хаа-
тыІкаларыгар хара±а иІиннэ. Ґнµр ийэлэрэ бэйэтэ сойуус-
туура.
Аркадий ыскаапка тиийэн ас ылла, тугунан эрэ о±олору кµн-
дµлµµ охсор санаалаа±а. Эмискэ кылгас часкыыр кэннэ, хоґун
аана тэлэлиннэ, икки о±о ойон турдулар — ийэлэрэ биирдэ
хос ортотугар баар буолла, саатан, тута киэр хайыста, тµіґµн
харбанна — били маІан свитерэтэ ис ырбаахылары уІа ітті
курданарыгар диэри хайа тардыллыбыт, тобугар охсуллубут,
эдэр дьахтар сыа маІан санна Аркадий хара±ар субу чугас
кубарыйда, кэтит хара эминньэхтээх мап-маІан толору эмии-
йэ, туох да хаххата суох буолан, ордук аґыннарыах дьигиґис
гынна.
Аркадий сµрэ±э мі±µл гынна, уІа илиитин сутуруктуу тут-
тубутунан утары хоско ыстанан та±ыста, кини абарбыта, уор-
дайбыта олус буолан, иннин-кэннин соччо быґаара турбата.
Аркадий арыгы сыттаах бэригир киґиэхэ Анфиса хоґун ор-
тотугар кэтиллэ тµстэ, тіттірµ чинэрийдэ, анараа киґи сµµнэ
сутуругун холбуу тутан: «Чуо, чуо?» — диэн эрдэ±инэ, алла-
раттан кылгастык агда±а о±уста. Анараа киґи, Аркадий бокс
куруґуогар µірэммиттээ±ин (тыа оскуолатыгар соччо аахай-
баталлар да) билбэт буолан, туран биэрэн, сааттаахтык хос
ортото олоро тµстэ. Атын дьукаахтар кэллилэр, Аркадийы
232