Page 237 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 237
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. «Анфиса курбалдьыйан таҥас ыйыыр, өндөҥөлүүр уонна
ыллыыр. Маҥан хаарга кини көтөөрү сапсыҥныыр тураах
курдук — хара хаатыҥкалаах, дьууппалаах, плюш кыл‑
гас сонноох, котик бэргэһэлээх — барыта хара», — суру
йааччы сүрүн дьоруойун тоҕо хара өҥнөөх таҥаһы таҥын
нарбытын быһаарыҥ.
2. «Килиэккэҕэ хаайтарбыт маҥан кыталык курдук кыара‑
ҕас хоско туналыҥныыр» — лириичэскэй дьоруой ойуулаа
һынын суолтатын кэпсэтиҥ.
3. Суруйааччы Анфисаны тоҕо кыталык кыылга тэҥнээтэ?
4. «Анфиса — остуолга сытар манньыат эбэтэр күндү таас
буолбатах, сиэпкэр ылан эрэллээхтик уктуоҥ суоҕа, ки‑
нини чэнчис холуупка да тэҥниэххэ сатаммат». Бу этии
түгэх санаатын кэпсэтиһиҥ.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. Н. А. Габышев «Анфиса» кэпсээнигэр көтөҕүллэр пробле
малары, айымньы сүрүн санаатын тула санаа атастаһыҥ.
2. Айымньыттан уопсастыба араас араҥата хабырыйсыытын
булан ырытыҥ.
3. Анфиса «саарбах дьахтар» аатын ылбыт төрүөтүн сылык
тааҥ.
4. Анфиса Аркадийы таптыыр эрээри эдэр уолга дьолу баҕа
ран тэйитэрин эбэтэр, кырдьык, сөбүлээбэтин айымньы
тылыгарөһүгэр тирэнэн ырытыҥ.
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
1. Николай Габышев «Анфиса» кэпсээнигэр бытархайдары (дэтээ-
ли) туттуутун булуҥ, быһаарыҥ.
2. Кэпсээн ураты тутула (композицията).
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
1. Н. А. Габышев «Анфиса» айымньытыгар өҥ арааһын сата
быллаахтык туттуута.
2. Н. А. Габышев «Анфиса» айымньытыгар ааптар маастарыс
тыбата.
237