Page 241 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 241
Сүрэхпэр баар эбээт сылааһа,
Туманнаах кыһыммын аҕынным.
Мин хаарга, мин мууска баҕардым,
Хоптолор, хаар буолан, туртаҥнааҥ,
Күөх муора уордайдын, баҕардар,
Силлиэтэ-буурҕата ыҥыртааҥ.
Кутаалыыр куйаастаах Крымҥа
Мин сахам кыһына билиннин,
Хоптолор, аҕалыҥ кыһыммын,
Үрүҥ хаар буолаҥҥыт тэлгэниҥ.
1948 с.
Тылбытын байытабыт
Биһик — саҥа төрөөбүт кыра оҕо хачайданар, сытар ороно.
Атаҕа суох үөһэ ыйанар эбэтэр илиигэ тутуллар.
Күдэрик — хаардаах тыал.
Тыыннаах тыл
y Хоһоон тылын ис хоһоонун иэйиитин билгэлээн, уус-ураннык
өйтөн ааҕыҥ.
y Бэйиэт бу икки хоһоонугар иэйиитин, уйулҕатын хамсааһынын
ааҕааччыга тиэрдэр күлүүс тылларын булуҥ.
y Ханнык тыллары тоҕо хатылаан туттарын быһаарыҥ.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Бэйиэт төрөөбүт алааһыгар, дойдутугар ахтылҕанын сэргэ
өссө ханнык санаа этиллэрин ырытыҥ.
2. Лириичэскэй дьоруой дууһатын айманыытын, күүстээх
иэйиитин ордук ханнык тылларынан ааҕааччыларыгар
тиэр дэрин ырытыҥ, санаата атастаһыҥ.
3. «Саныыбын төрөөбүт алааспын», «Хоптолор» бэйиэт бу
икки хоһоонугар алааһын, төрөөбүт дойдутун уобараһа май
гыннаһар уонна ураты өрүттэрин тэҥнээн ырытыҥ.
241