Page 242 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 242
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
Леонид Попов хоһоонноругар туттар уусуран ньымата —
санаа атастаһыҥ.
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
1. Бэйиэт хоһоонунан этии арааһын сатабыллаахтык туттуута.
2. Хоһоонноругар утарыта суолталаах өйдөбүллэри тоҕо туттарын
быһаарыҥ, дакаастааҥ.
3. Л. Попов хоһоонноругар ордук элбэхтик туттар эпиитэттэрэ.
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
1. Бөлөҕүнэн бырайыак тиэмэтэ: «Бэйиэт төрөөбүт дойдуга,
айыл ҕаҕа тапталын этэр күүстээх иэйиилээх тыллара» —
дакылаат, иһитиннэрии.
2. Лириичэскэй дьоруой дууһатын хамсааһынын, уларыйыы
тын чинчийэн, тэҥнээн ырытыҥ.
3. Бэйиэт хоһооннорун тутула, таҥыллыбыт ньымата.
4. Леонид Попов хоһоонноругар ханнык тылларынан төрөө бүт
алааһын хартыынатын ойуулуурун ырытыҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Талан суругунан үлэтэ толоруҥ (толкуй сурук, өйтөн су
руйуу, айар үлэ):
1. Леонид Попов айымньыларыгар төрөөбүт дойдутун уобараһа.
2. Бэйиэт Леонид Попов туттар уусуран ньыматын туһанан,
хоһоонно суруйан холонуҥ.
3. Литературнай музыкальнай солуон — «Төрөөбүт дойдуга,
киһиэхэ таптал сырдык иэйиитэ» (Л. А. Попов хоһоонно
рунан).
Ааҕыы, сэһэргэһии
ИЛИИБЭР ЭН ИЛИИҤ БААР КУРДУК
Долгуннуур күөхтэрдээх сай ааһан,
Доҕоруом, эн хаһан кэлэҕин? —
242