Page 240 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 240

Ааҕыы, ырытыы

                                          * * *
                             Саныыбын төрөөбүт алааспын,
                             Онно саас сандааран эрдэҕэ,
                             Күн көмүс толбоно сылаастык
                             Түннүккэ дьиримнээн түстэҕэ.
                             Тиэргэҥҥэ хара түү мээчиктээх,
                             Онно мин сааскыны көрсөрүм.
                             Киэһээҥҥи чуумпуга кэрэхсээн,
                             Үрүйэ ырыатын истэрим.

                             Аҕынным даҕаны тыа сытын,
                             Айылҕа уһуктар силигин.
                             Ырааҕыан төрөөбүт алааһым,
                             Онно тиийдэрбиэн билигин!

                             Биһигим ыйаммыт сиригэр
                             Баҕардым бурдугу ыһыахпын,
                             Трактор көлөнөн билигин
                             Өҥ буору тэллэрэн барыахпын…

                                                               1946 с.

                                        ХОПТОЛОР

                             Чуумпурбут муораҕа мунньустан,
                             Хоптолор кылбаҥныы дайдылар.
                             Мин санаам, сүрэҕим тардыста
                             Төрөөбүт ийэ-буор дойдубар.
                             Аҕынным: хаан-уруу дьоннорбун,
                             Чөҥөрө күөллэрдээх тыаларбын,
                             Түптэлээх салгыҥҥа тыынарбын,
                             Төгүрүк алааспар хаамарбын.
                             Онно хаар кыыдамныы көттөҕө,
                             Күөллэргэ күдэрик түстэҕэ;
                             Онно тыал иһиирэн эрдэҕэ,
                             Ол аата күһүн диэн кэллэҕэ.
                             Төрөөбүт киэҥ Ленам алааһа
                             Түптэлэс тымныынан да тыыннын,


              240
   235   236   237   238   239   240   241   242   243   244   245