Page 243 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 243

Ыраатар бэйэҕин сайыһан,
                       Ытаата мин уйан сүрэҕим.

                       Илиибэр эн илииҥ баар курдук,
                       Сүрэхпэр — сүрэҕиҥ сылааһа.
                       Өрүүтүн биллиэхтин бу курдук
                       Үйэлээх тапталыҥ былааһа.
                       Доҕоруом, миигинниин үллэстиэҥ
                       Дьоллоох дуу, сордоох дуу дьылҕабын.
                       Мин ааппар долгуйа эн истиэҥ
                       Сириини, хайҕалы, дьон хобун…

                       Ардыгар санааргыам, санньыйыам —
                       Мунчаарбыт сүрэхпин үөрдүөҥ дуо?
                       Ыраммын, санныгар тайаныам —
                       Ыараабыт илиибин уйуоҥ дуо?
                       Долгуннуур күөхтэрдээх сай ааһан,
                       Доҕоруом, эн хаһан кэлэҕин? —
                       Ыраатар бэйэҕин сайыһан,
                       Ытаата мин уйан сүрэҕим!
                                                           1944 с.


                                     КИНИЭХЭ

                          Таба көрбөккө миигин
                          Килбик хараххын кистиигин.
                          Уур түөспэр сылаас илиигин,
                          Уоскут сүрэхпин… Туох диигин?

                          Саҥата суох умса көрөн,
                          Сири одуулуу турбута…
                          Саҥардыы көҕөрөн эрэр
                          Ньургуһун сибэкки курдуга…

                          Саҥарыах буолбут тылгын
                          Таайдым. Этимэ, доҕоччуок.
                          Ыл маҥнайгы тапталбын,
                          Миэхэ эн кэннэ ким да суох!







                                                                      243
   238   239   240   241   242   243   244   245   246   247   248