Page 244 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 244

Тылбытын байытабыт

                   Сай — сайын.
                   Хоп — киһини холуннарар сурах.



                    Тыыннаах тыл

                y  Талбыт хоһооҥҥут тылын-өһүн өйдөөн уус-ураннык ааҕыҥ.
                y   «Доҕоруом, миигинниин үллэстиэҥ
                   Дьоллоох дуу, сордоох дуу дьылҕабын.
                   Мин ааппар долгуйа эн истиэҥ
                    Сириини, хайҕалы, дьон хобун…» — бэлиэтэммит тыллары
                   майгыннаһар суолталаах тылларынан солбуйуҥ.


                                                        АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ

                1.  Бэйиэт  дууһатын  айманыытын,  иэйиитин  ханнык  тылла­
                   рынан тиэрдэрин ырытыҥ.
                2. «Саҥата суох умса көрөн,
                   Сири одуулуу турбута…
                   Саҥардыы көҕөрөн эрэр
                    Ньургуһун  сибэкки  курдуга…»  —  бу  тылларынан  кыыс
                   уоба раһын, майгытын ырытыҥ, сылыктааҥ.
                3.  «Илиибэр эн илииҥ баар курдук», «Киниэхэ» хоһоон сүрүн
                   санааларын тэҥнээн ырытыҥ.


             Аах. Бил. Туһан

                1.  Орто дойдуну киэргэтэр… [саха норуодунай бэйиэтэ Л. По­
                   пов  туһунан  ахтыылар  /  хомуйан  оҥордулар,  бэчээккэ  бэ­
                   лэмнээтилэр:  Н. Н. Алексеева,  А. Н. Шадрина­Суоһааны;
                   литературнай  редактор  Е. Р. Николаев].  —  Дьокуускай  :
                   Бичик, 2006. — 128 с.
                2.  Поэзия  Леонида  Попова  :  лирические  субъекты  в  типоло­
                  гическом жанровой аспектах / Е. М. Ефремова. — Новоси­
                  бирск : Наука, 2015. — 120 с.
                3.  Уус­уран  литератураҕа  саҥалыы  сыһыан  /  Попов Б. Н.  —
                  Дьокуускай : Бичик, 2002. — 272 с.







              244
   239   240   241   242   243   244   245   246   247   248   249