Page 72 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 72

— Сааппаккыт  да±аны,  хамначчыт  дьахтаргытын,  «биґиги
             уолбутугар  эргэ  тахсыбата±ыІ»  диэн,  бу  курдук  накаастыы,
             µі±э сылдьа±ыт, — диир Маайа абатыйан.
                Огдооччуйа  сирэйгэ  бэрдэрбит  курдук,  сирэйдиин-харах-
             тыын кубулуйа, хаана-сиинэ алдьана тµґэр:
                — Мин,  саатар  сирэйдээх,  тэбэр  сµрэхтээх  буолан,  бачча
             байан  олоробун.  Эн  бааргын,  саатар  сирэйэ,  тэбэр  сµрэ±э
             суох! Ханнык баай ыал кыыґа ыал устун сылдьар хамначчыты
             батыґыа±ай?
                Хотуна тахсыбытын кэннэ Маайа, ына±ын саа±ын хотон тµн-
             нµгµнэн таґырдьа эґэ-эґэ, олус кыґыйан-абаран ытамньыйан
             ылар.  Бу  µлэлии  туран,  кини  санаата  тіріібµт-µіскээбит  Ті-
             гµрµк алааґыгар, дьиэтигэр тиийэр.
                «Икки харахтаах аата, хара±а суох курдук, тугу да билбэк-
             кэ-кірбіккі иитиллибит эбиппин… Хамначчыт кыргыттар ыта-
             ґалларын  кірдіхпµнэ,  «сµрэ±э  суохтарыттан  ытыыллара  буо-
             луо»  дии  саныырым…  Суох,  кинилэр  хара  батталга,  хараІа
             тµµн курдукка олороллоруттан ытаґаахтыыллар эбит».
                Маайа  кµрдьэ±ин  ынах  саа±ын  чімі±ір  батары  саайар.
             Кµнµ быґа бікчійі сылдьарыттан ыалдьар синньигэс биилин
             бобо туттан, сынньанан турбахтыыр. «ХараІа тµµн курдук… ха-
             раІа! — дии саныыр кини. — Оо, бу хаґан сырдыыр оло±уй?..»
                Хонууттан, сыґыыттан хомурах хаар хоҥнон, сырал±аннаах
             кµн уотугар сылгы, ынах сыламнаан сытар, сынньанар сааскы
             ичигэс  кµннэрэ  кэлэллэр.  Хотоол  сирдэргэ  уу  тахсыбытыгар
             кустар,  хаастар  тµґэллэр.  Кµн  тахсыа±ыттан  киириэр  диэри
             кµірэгэй  чыычаахтар,  бэйэ-бэйэлэрин  куоталаспыт  курдук,
             кімµс чуораан тойуктарын дьырылаталлар. Сир кырса халыҥ
             хаар ілгім сиигинэн утахтанан, кµн уотун сылааґыттан ирэн,
             кµіх от кірін турдахха кі±ірі µµнэн тахсарга дылы.
                Лена ірµс сааскы халаанын уута кµістµµ µллэн, кірµіх бэ-
             тэрээ  іттµгэр  сис  кумахтары  сабыталаан,  намыґах  арыыла-
             ры  µрдµлэринэн  мэндээриччи  охсуталаан,  кэІээтэр-кэІээн,
             килэйдэр-килэйэн,  сэттэ  ый  устата  хам  тута  сыппыт  халыІ
             мууґун,  тэбиэґирэ-тэбиэґирэ  тэлитэ  тэбэн,  хал±аґа-хал±аґа
             хайыта анньан, этиІ тыаґыныы ньирилээн, сэлиик ат сиппэ-
             тинэн элээрдэн, Хотугу Муустаах муора диэки дьулуруйар. Оо,
             бу кэмІэ Лена ірµс кµµґµн кытта туох кµµґэ тэІнэґиэй!
                Минньигэс  сыттаах  сэбирдэх-мутукча  тыллыыта,  ойуур,
             тор±ону  бµрµммµт  курдук,  кі±ірін  кістµµтэ,  кэрэ  тойуктаах
             кэ±э  кітірдір  этэн  чоргуґаллара,  ой  тыа  аттыгар  уолаттар-
             кыр гыттар  мустан  µІкµµ  тойугун  туойан  дуораталлара  µчµгэ-
             йин да±аны!

              72
   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77