Page 73 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 73
Маайа, саас буолан, µлэтэ а±ыйаан, хотон иґиттэн тахсар,
кµн сырдыгар дьэ быгар. Сµідэр ыраах бурдук ыґа барбыт буо-
лан, Маайа кэпсэтэр киґитэ Сідµіччµйэ эмээхсин эрэ. Маа йа
дьиэ±э олороруттан тэґийбэт. Кини били Сідµіччµйэ эмээх-
синтэн бэлэхтэппит ырбаахыта киртийэн хаалбытын сууйаары,
бэйэтэ да суунаары, аргыый а±ай дьиэттэн тахсан барар.
Кырдал сир µрдэ саґархайдыІы іІнііх ньургуґун отунан
киэркэйбит. Маайа илиитин муІунан тутар гына ол ньургуґун-
нартан µргээн ылар. «Бу бэйэлээх тор±о кµіх саас барахсан
ааґыах соро буолла±а», — дии саныыр. Кини, ньургуґуннаах
кырдалы туораан, хотоол сиргэ тіп-тігµрµк уу тахсан быча-
лыйан сытарыгар чугаґыыр. «Хата, мин манна таІаспын суу-
йуом», — диэн, Маайа µірэ санаан, дьиэрэІкэйдии тэбэн ууга
чугаґыыр. Эмискэ атыырдаах тыґы кі±іннір, маатыргыы-маа-
тыргыы, кітін сылыбыраґан тахсаллар. Маайа, хантайан, кус-
тар хайдах кітіллірµн кірін турар. Тыґы кі±ін бастаабыт,
кини кэнниттэн, сэгэрим куотаары гынна диэбиттии, кµіх ті-
бі лііх атыыр кі±ін батыспыт.
«Барахсаттар, эґигини ким да бас билбэт, баттаабат, ата-
±астаабат буолан, айыл±а ілгім быйаІын, µірµµтµн, дьолун
µіґэттэн, кіті-дайа сылдьан, кірін эрдэххит, — дии саныы-
саныы, Маайа батыґа кірін хаалар. — Киґи, ити кітірдір
курдук, то±о кітір кыната суо±а буолуой? Јскіті мин кітір
кынаттаах буолуум, оччо±о тугу гыныа этибиний? Аан бастаан
ийэбин баран кірін кэлиэ этим… уонна мантан атын сиргэ,
букатын ыраах сиргэ, баран олоруо этибит…» Кини ити санаа-
тыттан хайдах эрэ чэпчиир, сµргэтэ кіті±µллэр.
Маайа уу аттыгар тиийэн кірбµтэ — уІуоргу ньургуґуннаах
кырдал ууга умса ууруллан сытар. Халлаан, бу кыракый кілµйэ
тµгэ±эр тµспµт курдук, тµІнэстэн кістір. Маайа ытыґын муІу-
нан тута сылдьар ньургуґуннарын ууга киллэрэн умнастарын
сиигирдэ уурар. Уу кµн уотуттан сып-сылаас буолбут. Кини
ууну илиитинэн таарыйбыт сириттэн тіп-тігµрµк долгуннар
тар±анан, улам кэІээн, улаатан бараллар.
Уу аттыгар турбахтаан баран, Маайа чугас со±ус сытар
эргэ бµтэй остоолботун соґон киллэрэн далаґа уурунар. Ол
µрдµгэр олорон ырбаахытын сууйар. Сотору-сотору тула іттµн
кірµммэхтиир. Ким да суо±уттан бэркэ на±ылыйан сууйбут ыр-
баахытын ыган, хонууга ыраас сири булан, тэниччи быра±ан
куурда уурар.
Маайа батта±ын іґµлэн намылытан тµґэрэр уонна бастаан,
о±о курдук, батта±ын ууга уга оонньуур. Тібітµн суунар, Маа-
73