Page 87 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 87
буолуо! — диэн айдаарар. Кини хайдах да Сылгыґыт Сµідэргэ
µп-баай арааран биэрэр санаата суох.
Суруксут кµлэн ымайар. Кини, эккэлээн эрэр ыт курдук,
тойонун сирэйин арыы ньал±архайынан кірµтэлиир.
— Мин биэр диэбэппин ээ… «биэксэл» кумаа±ыларын тін-
нірін эрэ ылларбыт, тугу да биэриэхпит суо±а, — диир Сии-
дэр суруксут. Ити кини истиІ санаата буолбатах. Кини: «Мин
булкуллубут дьыалабыттан эрэ куотуум… Кэнникитэ кээнчэ
да буоллун, Дьаакыбылап баайыттан уолга, ба±ар, бэристин,
ба±ар, бэрсибэтин», — дии саныыр.
Дьаакыбылап кулуба ити сµбэттэн хара±а сырдыы, тыына
кэІии тµґэр, суруксутун диэки эйэ±эс бэйэлээхтик кірін кэ-
биґэр:
— Ол да иґин этэллэр эбит ээ, µірэх киґиэхэ икки ійµ биэ-
рэр диэн… Сип-сибилигин та±ыстахха табыллар.
— Та±ыстаххына, та±ыстаххына эрэ табыллар! — Сиидэр су-
руксут сымыйа «биэксэллэрин» ыла охсоору тиэтэтэр.
Дьаакыбылап кулуба туран, тµгэх хос аанын арыйа баттыыр:
— Огдооччуйаа! Иґит арыгыта манна а±ал эрэ.
Огдооччуйа маа±ын Харатаайап кыыґа баарына о±онньор
кµргµйдээн µµрбµтµттэн олус кыыґыран ытыы олорор. Кини
аан хоско туох буолбутун, тугу кэпсэппиттэрин букатын бил-
бэт. Онон эрэ арыгы кірдіібµтµттэн олус соґуйар.
— Кимиэхэ эттим, арыгыта а±ал диэн?! — Дьаакыбылап
кµімэйин сонотон иккиґин этэр.
— Ол эмиэ тугуІ арыгытын кірдµµгµнµй?.. ХамначчытыІ
ойо±о о±оІ сирэйин охсубутун малааґыннаары гына±ын дуу?
— То±о наада буолбутун дьахтар ійі сатаан быґаарбат суо-
ла… Чэ, тµргэнник а±ал!
Огдооччуйа суруксуттаах о±онньорун сирэйдэрин-харахта-
рын улаханнык муодаргыы кірір. «Туохтан бу курдук буол-
лахтарай?» — дии санаан баран, ыйытыан куттанан саІата
суох баран, биир иґит арыгыны а±алан остуолга уурар. Эмээх-
син: «Туох эрэ табыллыбата±ыттан, санааларын аралдьытаа-
ры, арыгы иґээри гыннахтара», — дии саныыр. Онтуката атын
буолан тахсар. Дьаакыбылап кулуба, бытыылкалаах арыгытын
сиэбигэр уктаат, аан диэки барар.
— Арыгы тутуурдаах бу ханна бардыІ? — Огдооччуйа соґу-
йан ыйытар.
— Ханна барыамый, акаарытыйан баран, Сылгыґыт Сµі-
дэртэн ааттаспакка олоруллуо дуо?
Огдооччуйа иґэ µллэн тахсыар диэри кыыґырар. Кини, туох
87