Page 92 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 92
* * *
КµґµІІµ киэґэ сотору хараІарар. Маайа, Сµідэри кіґµтэн
кірін баран, борук-сорук буолуута оронун оІостон, о±отун
Сэмэнчиги хоонньоґон сытар. Ол сытан иґиттэ±инэ, ким эрэ
ата±ын тыаґа дьиэ аттыгар кэлэр, «Сµідэр кэллэ… Хата,
ір буолбата ээ. Аан хатааґына суох, сип-сибилигин киирэр
ини», — дии саныыр Маайа. Киґи ата±ын тыаґа, дьиэ ааныгар
тохтообокко, дьиэни эргийэ барар.
Маайа ким эрэ дьиэни эргийэ хаамарыттан куттанар. Тугу
да гыныан булумуна, о±отун Сэмэнчиги ыбылы кууґар, тыаґы
барытын истэ сытар. Аны икки киґи ата±ын тыаґа олбуор-
дарын иґигэр киирэр, кµµлэ±э кэлэр. Ол дьон аан аттыгар
букунаґар тыастара иґиллэр.
«Сµідэр, итирэн хаалан, аанын кыайан аспакка турда±а», —
дии санаан, Маайа оронуттан турар. Аанын аттыгар кэлэр уон-
на аргыый со±устук:
— Сµідэ-эр, эн кэллиІ дуо? — диэн ыйытар.
Икки киґи аантан киэр сµµрэр тыастара иґиллэр.
Маайа аанын аґан тахсаары анньыалыыр. Аана аґыллыбат.
Тас іттµттэн туох эрэ ыараханынан баттатыллыбыт. Маа йа ык-
сыыр, куттанан илиитэ халыр босхо барар. «Аны киирэн ілі-
рµіхтэрэ», — дии санаан, аанын хатыыр. Оронугар кэлэн сытар.
Иґиллии сатыыр да, бэйэтин сµрэ±ин тыаґа тугу да иґитин-
нэриэх быґыыта суох. Сотору буолаат, били икки киґи атах-
тарын тыаґа эмиэ чугаґаан кэлэр. Кинилэр тµннµк сабыылаах
ыстаабаннарын эмиэ тугунан эрэ баттатар быґыылаахтар.
Ол тухары таґырдьа киґи кэпсэтэр саІата иґиллибэт.
Атахтарын эрэ тыаґа иґиллэр. Маайа онтон ордук куттанар,
суор ±анынан тібітµн кытта бµрµнэн сытар. «Јлµµ болдьохтоох
диэбиккэ дылы, то±о Сµідэр бу киэґэ Толлордооххо барбыт
муІай?!» — диэн, Маайа кэргэнин ыыппытын кэмсинэ саныыр.
* * *
Маайаны уоттуурга Огдооччуйа эмээхсин бэйэтэ барсыбы-
та. Бу кµн икки о±ус сыар±атынан Бэс тумустан тэтиІ кириэс-
тэри тиэйэн киллэрбиттэрэ. Кинилэр борук-сорук буолуута
кэлэн, туруорбах бала±ан кэннигэр тохтообуттара. Огдооч-
чуйа эмээхсин манна, бала±ан иґигэр, Маайалаах дьиэлэрин
ма наан олорбута. Кини Сµідэри Толлор Ньукулай дьиэтигэр
илдьэ барбытын, Маайа, сайыспыт курдук, олбуорун айа±ар
тахсан хаалбытын барытын кірбµтэ.
Дьиэ таґа хараІарарын кытта, Огдооччуйа эмээхсин ыйыы-
92