Page 110 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 110
да. Кинини солбуйуохха наада. Солбуйааччыларынан эґиги
буола±ыт».
О±олор остуолга уґуннук тулуйан олорботохторо. Сып-сап
аґаат, кірµдµіргэ µІкµµлµµ тахсыталаабыттара. Эдэр учуу-
таллар эмиэ. Кырдьа±ас учууталлар, тіріппµттэр тиэтэйбэт
этилэр. Кинилэр биґигини тµстµµллэрэ, ааспыт µірэх сылын
ырыталлара.
Халдеев Ваня биґикки тµгэххэ хаайтаран хаалбыппыт. Тах-
сарбытыгар хас да учууталы туруІ дииґибит, ол — толоос
этэ. Онон, аґаабыта буола-буола, олорорбутугар тиийбиппит.
— Анна Ивановна, эйигин кылааскын 100 бырыґыан таґаар-
быккынан э±эрдэлиибин! — Вадим Николаевич биґиги кылаас-
пыт салайааччытын илиитин ыга туппута. — Кырдьыга, эйиэхэ
ыарахан кылааґы биэрбиппит.
— Оннук ыарахан буолла±ай, — Анна Ивановна сібµлэґэ
охсубат. — О±олор курдук о±олор.
— Кµґµн учууталлар бары сатарыйбыт кылаас диэбиттэрэ.
Ким да ылыан ба±арбата±а дии.
— Ол барыта Алевтина Львовнаттан, — кэпсэтиигэ Федора
Алексеевна кыттыґар. — Она распустила класс.
— Мин санаабар, инньэ диир сыыґа.
— Почему? — Федора Алексеевна сібµлээбэтэхтии чірбіс
гынар.
— Мин 굴µн эмиэ инньэ диэн санаалаах этим. Ол гынан
баран, кэнники ол санаам уларыйбыта.
— Ол хайдах, кэпсиэІ буолаарай? — Федора Алексеевна
э±элээхтик ыйыппыта.
— Алевтина Львовна босхо ыытан дьиссипилиинэни сата-
рыппыт диир сыыґа. Тіттірµтµн, кини кэнниттэн о±олор нууч-
чалыы кіні, аґа±ас, тутулуга суох характердаммыттар этэ.
Мин µтµім арай ону билэн, умулуннарбакка кыґанным, µксµн
бэйэлэрин кі±µлээґиннэригэр кіІµл биэрдим.
— Ол соччо куґа±ан тµмµгµ биэрбэтэх диэххэ сіп, — диир
Дым-Дым. — Хайа да выпустаа±ар тутулуга суох характердаах
самостоятельнай дьон та±ыстылар.
— Ба±ар, буолуо… — Вадим Николаевич соччо итэ±эйбэ-
тэхтик этэр.
— Мин санаабар, о±олору олус міІір-тµµрэр, биир муоста-
нан хаамтара сатыыр сыыґа, — Михаил Сергеевич кэпсэтиигэ
кыттар. — Ити — тыа оскуолаларын уратылара. Былыргы кэ-
мэлдьини быра±арга уолдьаста.
— Биґиги усулуобуйабытыгар о±олору олус босхо ыытар
110