Page 79 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 79
Айта устан бµппµтэ, олоппостон турбута.
— Саша, кірµіххэ син дуо? — кини кинигэлээх ыскаабы
ыйбыта.
— Син буолумуна, — Саша улгумнук ойон туран ыскаабы
арыйа баттаабыта. — Баґаалыста.
— Уой, бу барыта сахалыы дуо? — диэбитэ Айта бэркиґээ-
биттии.
— Барыта, — Саша киэн туттардыы этэр. — Јссі ампаарга
эмиэ баар.
Кырдьыга, омос кірдіххі, Дмитрий Фёдорович муспут ки-
нигэтэ µгµс этэ, былыргыттан билиІІэ диэри. Оттон биґиги,
µірэнэн хаалан, µгµс диэбэт этибит.
— Бу эмиэ сахалыы дуо? — Айта кинигэ ылан эргим-ургум
тутар.
— Сахалыы, — Саша быґаарар. — Оттон ити аатырбыт «Су-
рук-бичик» дии.
— Мин сатаан аа±ыа суохпун, — диир Лана.
— МаІнайгы сахалыы сурук. Саха бастакы лингвиґэ Новго-
родов бэйэтэ оІорбут алфавита. Бу барыта саха суруйааччы-
лара суруйбут айымньылара.
— Оттон бу?
— Тылбаастар, маныаха диэри, — Саша кірдірір. — Нууч-
чалыыттан сахалыы.
— Ґгµс да эбит, — диир Айта. — Тылбааска айымньы сым-
сыыр. Мин эбитим буоллар, суруйааччы бэйэтин дьиІнээ±ин
аа±ыам этэ.
— Тылбаас нууччалыы билбэт дьоІІо ананар буолла±а
дии, — мин тыл кыбытабын.
— Айымньы сымсыыра тылбааґа хайда±ыттан. — Саша Ай-
та±а утарар.
— Ким билэр, Пушкины, Лермонтовы нууччалыытын курдук
хайдах сахалыы биэриэххиний?
— Холобур?
— Туох холобура?
— Ханнык хоґоону, холобур, биэриэххэ сатамматый?
— Чэ, холобур, Пушкинтан — Айта толкуйдуу тµґэр уонна
маІнай ійµгэр киирбит хоґоонун аа±ар:
Сквозь волнистые туманы
Пробирается луна,
На печальные поляны
Льёт печально свет она.
79