Page 82 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 82
±аналлар. Онтон эмискэ олус сэІээрэн иґиллии турбут Айта
«уой!» диэт, кулгаа±ын саба тутунна уонна чоххо баттаабыттыы
кытаран хаалла. ОлоІхоґут куодаґыннаах тылларынан эдэр
уоллаах кыыс ороІІо сытан таптаґыытын ойуулааґыныгар
кэл бит этибит. Ґкчµ «Кµкµр Уус» Буойатыныы диэн санаа миэ-
хэ элэс гынан ааґар. Саша эмиэ кытар гынаат, радиолатын
тохтото о±уста уонна, буруйдаммыт киґилии, Лананы кылап
гына кірді. Лана кинигэ аа±ан тіІкійін олорор, сирэйин кір-
біппµн. Мин эмиэ кыбыстабын уонна олус кыбыстыбыт Ай-
таны аґынан, Саша±а кыґыйабын: барыта кини оттомо суо-
±уттан, атын пластинканы тыаґатта±ына? Балачча ким да тугу
да саІарбат.
— Дьэ, кµµстээх тыллар буолбат дуо? — диибин кыргыттар
икки биґиги икки ардыбытыгар эмискэ кµірэс гыммыт килби-
гийиини суох гынаары.
Кыргыттар саІарбаттар.
— Дьэ, уонна биґиги тылбыт дьадаІы, тылбааска айымньы
сымсыыр диэҥ. Тылбытын бэйэбит билбэппит.
Ким да миэхэ эппиэттээбэт. СаІарбаттарыттан мин кыґы-
йабын.
— Ордук кыргыттар. Этии аІаарын сахалыы, этии аІаарын
нууччалыы саІардахха туох тахсыай?
— Буолумуна, — диир Лана, — уолаттар да холооттор.
— Кыргыттар, кыргыттар, — Саша кэпсэтиигэ кыттар. —
Ыанньыксыт дайаарка, іссі дайаар ээ. Атыылааччы оннугар
продавец, µІкµµ оннугар танцы.
— ИнгаІ іссі английскайдыыр, тылын баґа бойс, гіілс,
май диэ .
1
— Онно туох куґа±ана баарый? СаІара µірэнэр буолла±а
дии, омук тылыгар µірэнэ бараары сылдьар.
Дуоннаах кэпсэтии тахсыбата±а, кыргыттар сотору бар-
быттара. Сашалыын иккиэйэ±ин хаалан баран, оттуу сылдьар
кыра эрдэхпитинээ±илии, этиґэ сыґабыт.
— Ити барыта эн оттомо суоххуттан, — диибин мин Саша±а.
— Оттон эн то±о ійдіппітіххµнµй? — Саша миэхэ хатыл-
лар. — Эн маІнай эппитиІ дии.
— Пластинканы эн ылбытыІ дии.
Сашалыын тымныытык арахсабыт. Барыта хайдах эрэ та-
быгаґа суохтук та±ыста.
1 Уолаттар, кыргыттар, кµндµ.
82