Page 87 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 87

лар. Мин µнµргµ кэпсэтии кэнниттэн тылга тииспэт буолбутум,
         английскайга биллэ-кісті сатаабакка, саІата-иІэтэ суох оло-
         рон тахсарым. Бµгµн кистээн Кыра Света уонна Саша а±албыт
         матырыйаалларын кірібµн.
            Чубугурас тыллаах Кыра Света о±олортон хайаларыттан да
         іґіс  эбит,  бобууттан  куттамматах,  а±атыттан,  колхоз  бухгал-
         терыттан,  ахтыы  суруйтаран  а±албыт.  Тугу  барытын  сокуон
         хара±ынан  кірін  ытыра-ытыра  тарпыт  хохучуол  киґи  тµірт
         лииґи быґа тугу суруйар эбит? Кини оскуола±а µірэммит сэ-
         рии  иннинээ±и  сылларын  суруйбут.  Сытыары  биир  тэІ  буо-
         чарынан  бухгалтер  хас  сыллаахха,  ханнык  ыйга  оскуола±а
         киирбитин уонна бµтэрбитин, хас о±о хаґыс кылааска µірэм-
         митин, ханнык учууталлар µірэппиттэрин, колхоз солкуобайын
         аа±ан  эрэрдии,  туочунайдык  суруйбут  этэ.  Бухгалтер  бухгал-
         тердыы туочунай сыыппаралары а±албыт. Ол эрээри ахтыыны
         мин  астыммата±ым.  Ол  сыыппараларга  оччотоо±у  µлэ,  µірэх
         хайдах барбыта, ким µірбµтэ, ким хомойбута, туохха дьулус-
         пута суох этэ. Дьон солкуобай буолбатахтар. Михаил Сергее-
         вич  эппитин  курдук,  хас  биирдии  киґи  оло±о  —  тус-туґунан
         остуоруйа. ТоІуй сыыппаралар ол туґунан тугу да эппэттэрэ.
         Соломонов,  биґиги  кылааспыт  бастыІ  математига,  кэнники
         роботтар  уонна  аа±ар-суоттуур  массыыналар  баґылыахтара
         диир. Кырдьык, оннук олох буолла±ына, туох да сыыґата суох
         чуІкук, салгымтыалаах олох буолсу. Сыыппаралар тыллара —
         кэмчи кэпсээн. Робот — учуутал. Тіґі да мі±µлµннэрбин, Ак-
         трисаны ханнык да робокка атастаґыа суох этим. Дьор±оотоп
         туґунан Кыра Света а±атын ахтыытыгар туох да суо±а.
            Саша  а±атын  ахтыытын  мин  литература  уруогар  оІостон
         олорон кірбµтµм. Федора Алексеевна, бэйэтин кэпсээниттэн
         бэйэтэ  µлµґµйэ-µлµґµйэ,  тугу  эрэ  уруогу  быґа  кэпсээбитэ,
         миэ хэ кыґаммата±а.
            МаІнай  оскуола  аґыллыа±ыттан  колхозтары  тэрийиигэ
         µірэнээччилэр, учууталлар быґаччы кыттыбыттар: 158 хаґаа-
         йыстыбалаах  18  колхоґу  тэрийбиттэр.  Быґата,  Давыдовтаах
         Нагульновтыы.  Ґірэнээччилэртэн  культармеецтар  тэриллэн-
         нэр,  µірэ±э  суо±у  µірэхтээбиттэр,  «ыраас  олох»,  «трахома»
         муннуктарын µлэлэппиттэр. Бастакы бассабыыктыы ыґыы хам-
         паанньатыгар 14 комсомолец боломуочунай буолбут.
            1930—1931  сс.  µірэх  дьылыгар  оскуола  Сэкэйиэм  буолар.
         Ґірэнээччилэр сµіґµ иитиитигэр, хонууга, о±уруокка µлэлиил-
         лэр. Инньэ гынан нэґилиэнньэ оло±ор-дьаґа±ар улахан кімінµ
         оІорбуттар.  1931  сыллаахха  бассабыыктыы  ыґыыны  µчµгэй-

                                                                       87
   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92