Page 90 - САХА ТЫЛА 2 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 90

Быґаарыылаах тылдьыт
Абылыыр — таптатар, умсугутар.
Айа — ох саа чаачарыттан модьу систээх, уһу­ гар сытыы тимирдээх охтоох, кылынан эстэр булт сэбэ.
Айаас — көлүүргэ үөрэнэ илик.
Анды — хара дьүһүннээх улахан, кыһыл атах­ таах кус бииһэ.
Аҥыр — уу кытыытыгар от быыһыгар олохсу­ йар күкээркэй бороҥ дьүһүннээх түүн сырыылаах ааҥырҕаан саҥарар бадараан көтөрө.
Барҕа — ордук улахан, ситэри­хотору, муҥура суох.
Бытархай — бөдөҥө суох, ортону аннынан кээ­ мэйдээх; кыра, кыччыгый.
Быырпах — ынах үүтүн аһытан көөнньөрөн оҥорбут утах, ынах үүтүн кымыһа.
Бэттиэмэ — тураҥ кырыстаах алаастарга үүнэр төбөтө харааран көстөр, кытаанах умнастаах сүөһү сиир туораахтаах ото.
Долбуур — тугу эмэ уурарга аналлаах, истиэнэҕэ эбэтэр туохха эмэ сыһыары иҥиннэриллибит хап­ таһын.
Дуй — тимир иһит эбэтэр тэрил дьэбиннирбэт күндү металл бүрүөтэ.
Дьиэрэйэр — кэрэтик эйээрэн иһиллэр (ырыа туһунан).
Иилии — тугу эмит эргийэ, төгүрүйэ.
 90
    



















































































   88   89   90   91   92