Page 92 - САХА ТЫЛА 2 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 92
Сиэдэрэй — олус мааны, олус бэрт.
Сиэл — сылгы уонна сорох кыыл моонньун үөһээ кырыытыттан аллара намылыччы үүнэн тү һэр кыл.
Сонуок — бурдук ыһар сир, бааһына.
Сохсо — булду баттатан өлөрөргө аналлаах ма һынан оҥоһуллар тэрил.
Сөмүйэ — ыйар тарбах.
Сылбах — уу аҕалбыт маһа күөрэ кыстаммыта эбэтэр оннук охтубут, киһи охторбут мастара.
Сэппэрээк — намыһах умнастаах мас үүнээйи.
Сээркээн сэһэн — уруккунухойуккуну үчүгэйдик билэр, кэпсиир киһи.
Талба — бастыҥ, үчүгэй, талыы.
Таныы — киһисүөһү муннун үүтэ.
Тиргэ — көтөргө иитиллэр тэптиргэ, туһах. Толоон — киэҥ, нэлэмэн сир, сыһыы.
Торҕон — өр кэмҥэ ас булбакка хоргуйан су
таабыт.
Туһах — мас көтөрүн, куобаҕы бултуурга анаан
сылгы кутуругуттан эбэтэр боробулуохаттан оҥо һуллубут булт тэрилэ.
Тымтык — урут уматан чүмэчи кэриэтэ сырда тынарга, оттон билигин уот күөдьүтүүтүгэр эбэтэр атыҥҥа туттуллар кэтит, чараас гына тыырыллы быт мас тырыыҥка.
Тыыраахы — өрүстэргэ, күөллэргэ олохсуйар көтөр.
92