Page 93 - САХА ТЫЛА 2 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 93
Үтэһэ — сиикэй аһы үөлэн уокка сырайан буһа рарга аналлаах уһуктаах мас.
Хагдаҥ — тыалаах, хайалаах сиргэ олохсуйар хараҥа күрүҥ дьүһүннээх эһэ.
Хадьымал — охсубут, быспыт кэнниттэн сир кырсыгар хаалар от, бурдук умнаһын төрдө.
Хаһыҥ — күһүөрү сайын түһэр түүҥҥү тымныы тоҥоруу.
Хомо — муора, өрүс кытылыгар бүөрдүү үтэн тахсыбыт, чычаас түөлбэ уута; күһүөрү уу түстэҕинэ, өрүс бысталанан хаалар тас үөһэ, төбүлэҕэ.
Чааркаан — сохсо.
Чочуйар — тупсарар, ураннаан оҥорор. Чугуйда — иннин диэки баран иһэн төттөрү
түһэр, кэннитинэн барар.
Чүүччү — өтүйэнэн саайан маһы хаһан үүттүүргэ
туттуллар хаптаҕай уһуктаах тимир.
Ыллык — сатыы киһи эбэтэр сμөһү эрэ сыл
дьар кыараҕас суола.
Ыҥыыр — көлөнү миинэн олорорго аналлаах
тэрил.
Ыркый — титирик мастаах хойуу ойуур. Элэккэй — киһиэхэ көһүүнэ суох, олус сайаҕас
сыһыаннаах, олус эйэҕэс.
93