Page 91 - САХА ТЫЛА 2 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 91

Иччитэх — кураанах, аһа, мала суох; ким да олорбот, киһитэ­сүөһүтэ суох.
Көмнөх — маска, мас лабааларыгар түһэн сы­ тар халыҥ хаар; күһүн тымныы түһүүтэ сиргэ тох­ тубут саһарбыт мутукча.
Көмүрүө — кыһыҥҥы хаар алын өттө мууһурбута, бөдөҥ муус кристалларга кубулуйбута.
Көтөҕө — тиит мутукчата хагдарыйан тохтубута.
Көхө — истиэнэҕэ эбэтэр баҕанаҕа үүттээн саайыллар тас таҥаһы эбэтэр ону­маны ыйыырга аналлаах мас.
Куйуур — саас ойбон алларан балыктыыр тэ­ рил.
Кубулуйар — уларыйан хаалар.
Кыраҕытык — кыраны да таба көрөр сытыы харахтаах.
Кырыымпа — мас сирэйдээх, кылгас моойдоох, үс­түөрт кыллаах, тобукка ууран олорон аалан оон­ ньонор муусука тэрилэ.
Кыстык — кыстыыр дьиэ, балаҕан.
Моойторук — кыһын тымныыга моойго кэтил­ лэр түүлээх таҥас.
Мүлчү — «сыыһа, сыыһа­халты, сиирэ­халты» диэн суолтаҕа туттуллар.
Ньалҕаархай — арыынан­сыанан оҕунуохтаабыт курдук; килбэчигэс, килээркэй.
Оҥоойук — кыра туос иһит. Өлгөм — наһаа элбэх, хойуу. Саһархай — араҕас.
91
   



















































































   89   90   91   92   93