Page 128 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 128
Бы ́аарыылаах тылдьыт
Абаҕа — киһиэхэ аҕатын бииргэ төрөөбүт убайа. Аймалҕан — күүгээнайдаан.
Ахсым — наһаа дохсун, уһуу (үксүн ат туһунан). Байҕал — арыыларынан эбэтэр тумул арыыла
рынан араарыллыбыт акыйаан кытыы өттө.
Бис — сыбаа, киртит.
Будьурхай — көнөтүк буолбакка, бүктах баран
эриллэн үүммүт.
Булгунньах — кыракый ойдом хайа курдук
үрдүк сир, сир туруору лөглөйө үүнэн тахсыбыта. Бэркиһээн — туох эмэ көһүппэтэҕин көрөн,
истэн олус сөҕөр, өйүгэр баппат.
Бэрэмэдэй — акка иилэр холбуу тигиллибит
икки тирии хааһах.
Дүлүҥ — бүтэй, бөкүнүк уһун мас (тиит охту
бута эбэтэр ол быстаҕа).
Дьыбар — тымныы тыына.
Дьырылаа — нарыннык, биир тэҥник тыаһыыр
дорҕооннору таһаар.
Дэйбиирдэнэн — дэйбииринэн эбэтэр тугунан
эмэ сапсын.
Ибир — бэрт кыратык, биллэрбиллибэттик
хамсыыр.
128