Page 130 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 130

 Кэрээбэккэ — тохтообокко.
Лаҥха — үүнэ­үүнэ охтон дьапталлыбыт сыты­ ган кур от.
Модьу — суон, уйуктаах, бөҕө­таҕа эбэтэр он­ нук киэптээх.
Мороду — үрүт­үрдүгэр «урут­урут» диэн саҥа­ лаах чыркымайтан эрэ улахан кураанах кус.
Моһол — туохха эмэ улахан мэһэй, буом.
Мыраан — өрүс, үрэх хочотун икки өттүнэн кыһалыы, сэлэлии үрдээн турар буор модьоҕо томтордор, хайалар.
Мэҥиэ — көтөрү, кыылы эбэтэр балыгы булт сэбигэр киллэрэргэ, хаптарарга туттуллар ас, аһылык.
Никсик — туох эмэ сииккэ ылларбыт, уһуннук сиигирэн дьүдьэйбит сыта.
Ньолбоҕор — олох төгүрүк буолбакка, сымыыт курдук устата көстөр төгүрүк быһыылаах.
Ньулуун — аһыыта суох, аһыйбатах; тууһа суох, тууһа биллибэтэх.
Обургу — олох кыра буолбатах, син улахан.
Оҕуур — сүөһүнү тэйиччиттэн иилэ быраҕан ту­ тарга аналлаах уһун быа.
Олом — дириҥ ууну кэһэн туоруур чычаас уу.
Олуй — тугу эмэ туохха эмэ уган, кыбытан баран туора тарт эбэтэр өрө ас, аллара баттаа.
Омурҕан — сиргэ сылдьан аһыыр эбэтэр сын­ ньанар кэм, тохтобул.
 130
   


















































































   128   129   130   131   132