Page 129 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 129
Иэдьэгэй — аһыйбыт үүтү оргутан хойуутун ылан оҥорор ас.
Киргил — хара дьүһүннээх, оройугар кыһыллаах тоҥсоҕой.
Көлүйэ — кыракый күөл.
Көҥдөй — иһэ аһаҕас, дьөлөҕөс истээх. Куоҕас — кыракыра эриэннээх хара дьүһүн
нээх, балыгынан аһылыктанар уу көтөрө.
Куруҥ — өрт уотугар умайбыт тыа.
Күндэл — ыраас, сырдык.
Күргэ — үрэҕи, бадарааны туоруур муоста. Күрдьүк — хаар күрдьүллэн мунньуллубута. Күрүлгэн — күүстээх дохсун сүүрүк, үөһэттэн
тохтон түһэр уу.
Күүдээх — суптугур тумустаах кутуйах. Кыдама — от кэбиһэргэ аналлаах уһун атыр
дьах.
Кыдьымах — өрүс туруутугар устар бытархай
муустар.
Кыраҕы — кыраны да таба көрөр сытыы ха
рахтаах.
Кычым — ыҥыыр икки өттүнэн ат ойоҕоһун
саба түһэр тириилэр.
Кыыдаан — хаардаах тымныы тыал. Кэнчээри — ото охсуллубут сиргэ иккистээн
үүммүт саҥа от.
Кэрэхсэбил — тугу эмэ биһирээн саҥарыы,
туох эмэ киһини кэрэхсэтэр өттө.
129